Дьокуускай — Москва — Дьокуускай хайысханы субсидиялааһыҥҥа «Якутия» авиахампаанньаҕа 121,6 мөл. солкуобайы көрдүлэр. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев пресс-конференцияҕа иһитиннэрдэ.
Бэс ыйын 6 күнүгэр субсидия ананарын туһунан докумуоҥҥа илии баттанна. Чэпчэтиилээх авиабилиэттэр сотору кэминэн атыыга тахсыахтара.