27 От ыйа 27.07
  • 22°
  • $ 85,57
  • 93,26

Амма улууһун чулуу ыанньыксыта Аграфена Сутакова 86 сааҺын бэлиэтээтэ

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Аграфена Егоровна Сутакова бэс ыйын 7 күнүгэр 1938 сыллаахха Алтан  нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Кини колхознай-совхознай тутул активнай кыттыылааҕа, Герой -ийэ, «Аҕа дойдуга үтүөлэрин иһин» 4-с степенэ орден кавалера, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын Государственнай бириэмийэтин лауреата, дьахталлар республикатааҕы 8-с съезтэрин делегата, Саха сирин, Амма улууһун, Алтан, Бөтүн нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, маяк ыанньыксыт. Аграфена Егоровна Герой ийэ быһыытынан эдэр көлүөнэни иитиигэ-үөрэтиигэ тус бэйэтин үлэтинэн, олоҕунан мэлдьи үтүө холобур буолар, суруйда тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ.

Ытык-мааны Аграфена Егоровнаны Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кэллэктиибин аатыттан  күн сирин көрбүт кэрэ-бэлиэ күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

Биһиги өрөспүүбүлүкэбит тыатын хаһаайыстыбатыгар Эн курдук эҥкилэ суох бэриниилээх, үлэттэн толлон турбат дьон баар буоланнар үлэ өрө тахсар, сайдар, нэһилиэккэ олох тупсар, киэркэйэр. Күүстээх санааҕынан, дьону үлэҕэ көҕүлүүр аптарытыаккынан тыа хаһаайыстыбатын биир тутаах хаһаайыстыбата – «Бөтүҥ» кооператив – сайдыытыгар улахан төһүү күүс буолаҕын.
Томороон тымныылаах, өҥүрүк куйаастаах төрөөбүт дойдубутугар Саханы саха дэтэн кэлбит хороҕор муостааҕы 70 сыл устата утумнаахтык сырыырҕаппыт, үүт үрүйэни үрүлүтэ сүүрдүбүт, тыа хаһаайыстыбатын араас хабааннаах үлүскэннээх үлэтэ саҥа таһымҥа тахсарыгар үгүс сыратын-сылбатын уурбут чулуу ыанньыксыкка күргүөмнээх үлэҕэр сүгүрүйэн туран, махталбытын биллэрэбит.

Ытыктабыллаах Аграфена Егоровна, Эйиэхэ инникитин эстибэт эрчими, уостубат уоҕу, туйгунтан туйгун туругу баҕарабыт. Ис эйгэҥ тэтимэ уу-нуурал уоскуйуутун билиэхтин, ис кэрэҥ суһума аламаас таас хас биирдии аалыыта мичилийэ оонньуурун кэриэтэ чаҕылыччы сыдьаайыахтын! Сахабыт сирин тыатын хаһаайыстыбата, тыа сирэ чэчирии сайдарыгар, дьон-сэргэ олоҕо тупса, уйгута улаата турарыгар күүстээх, таһаарыылаах үлэни!

Айыыһытыҥ арчытынан, Иэйиэхситиҥ иэйиитинэн умсулҕаннаах үлэ күргүөмнээх үөһүгэр, аймахтарыҥ, чугас дьонуҥ арчылаах алгыстарыгар угуттанан, ньир-бааччы дьоллоохтук олор диэн алгыспытын тиэрдэбит!

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА