6 Алтынньы 06.10
  • $ 94,87
  • 104,74

Амма иитээччитэ Татарстаҥҥа өбүгэ үгэстэрин көрдөрөн лауреат аатын ылла

16:16, 24 сентября
Хаартыска: Амма олоҕо
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Төрөөбүт тыл уонна литература бастыҥ учууталын быһаарар Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэх ыраах Казань куоракка ыытыллыбыта. Бу улахан таһымнаах күрэххэ Амматтан “Хатыҥчаана” уһуйаан физкультураҕа иитээччитэ Рустам Седых ситиһиилээхтик кыттан лауреат үрдүк аатын ылбыта.

“Амматтан хас да буолан бара сырыттыбыт, кэллиэгэбитин өйөөтүбүт. Ол курдук миигин сэргэ “Хатыҥчаана” уһуйаан сэбиэдиссэйэ Петрова Саргылана Гаврильевна, кинини иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы Неустроева Мария Петровна уонна өрөспүүбүлүкэ Үөрэх сайдыытын уонна идэ таһымын үрдэтэр институт проректора, педагогическай наука кандидата Михалева Ольга Иннокентьевна.

Бу идэтигэр бастыҥ учууталы быһаарар Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэх үһүс сылын ыытыллар. Сыллата кыттааччы ахсаана элбиир. Быйылгы күрэххэ 33 оскуолаҕа киириэн иннинээҕи тэрилтэттэн уонна 79 төрүт тыл учууталлара араас регионнартан кытыннылар. Кинилэр Арассыыйа норуоттарын 37 тылын илдьэ сылдьар дьон буолаллар. Ол иһигэр биһиги Сахабыт сириттэн Амма улууһун педагог-иитээччитэ баран кыттыбыта сүдү эппиэтинэс буолар. Кинини кытта өссө Намнааҕы 1 №-дээх орто оскуолатын саха тылын учуутала Лариса Дмитриевна Данилова кытынна. Рустам Седых бу күрэххэ өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллыбыт сыл бастыҥ иитээччитин быһаарыы күрэҕэр “Төрөөбүт төрүт тыл Сыл бастыҥ иитээччитэ” ааты ылан кыттар чиэһи сүкпүтэ.

Күрэххэ Саха тылын сэргэ өссө нуучча, татар, башкир курдук саамай элбэх тылы илдьэ сылдьааччылары сэргэ, өссө аҕыйах ахсааннаах норуоттар эмиэ бааллар.Ол курдук вепс, долган, коряк, нанай, ненец, нивх, удэгэй, ханты, шорск уонна эбэҥки. Дьэ маннык таһымнаах күрэххэ биһиги иитээччибит Рустам Сергеевич финалга тахсан, лауреат үрдүк аатын ылан биһигини үөртэ. Наҕарааданы Арассыыйа үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцов бэйэтинэн туттарда. Кини эҕэрдэ тылыгар биһиги Рустам Сергеевичпытын ойуччу тутан бэлиэтээбитэ. Рустам Сергеевич күрэх лауреатын сэргэ, өссө “Народные художественные промыслы России” диэн Ассоциация туруорбут “За использование в педагогической деятельности народных промыслов» диэн номинациятын уонна Дом.рф диэн банк анал бирииһин хаһаайынынан буолла.

Биһиги Рустам Сергеевыһы өссө төгүл бу үрдүк ситиһиитинэн эҕэрдэлиибит уонна салгыы кырачааннары эт –хаан өртүнэн эрчийиигэ айымньылаах үлэни баҕарабыт. Бу күрэххэ баран кыттыыга күүс-көмө буолбут Амма улууһун дьаһалтатыгар, улуустааҕы үөрэх управлениятыгар, үөрэх үлэһиттэрин идэлээх союһун кэмитиэтигэр, үөрэх сайдыытын уонна идэ таһымын үрдэтэр институтка, «Амма олоҕо» хаһыат эрэдээксийэтигэр, «Хатыҥчаана» уһуйаан кэлэктиибигэр махталбытын тириэрдэбит ”, — диэн Амма улууһун үөрэҕин салаатын информационнай-методическай салаатын сүрүннүүр исписэлииһэ Эмма Давыдова билиһиннэрдэ.

“Амма олоҕо” хаһыат

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар