15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Алтынньы 30 күнэ. Арассыыйаҕа инженер-механик күнэ - Бикипиэдьийэ

09:01, 30 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн бэлиитикэ репрессияларыттан эмсэҕэлээбиттэри кэриэстиир күн. Бүлүү улууһугар Лөкөчөөн нэһилиэгэ тэриллибит. ССРС аан дойду устуоруйатыгар саамай сүүнэ кыахтаах бомбаны дэлби тэптэрбит. Бу күн Аргентина футболиһа, аан дойду чөмпүйүөнэ Диего Марадона төрөөбүт, саха биллиилээх суруйааччыта Алексей Иванов — Күндэ олохтон туораабыт (өлбүт) күннэрэ.


Алтынньы 30 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 304-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 305-c күнэ). Сыл бүтүө 61 күн баар.

  • Арассыыйа — Бэлиитикэ репрессияларыттан эмсэҕэлээбиттэри кэриэстиир күн.
  • Арассыыйа — Инженер-механик күнэ.

Түбэлтэлэр:

  • 1896 — Иркутскайдааҕы генерал-губернатор Александр Горемыкин уонна урбаанньыт Николай Глотов Өлүөнэ өрүһүгэр борокуоттары сырытыннарар туһунан бастакы самалык дуогабарга илии баттаабыттар. Бу сөбүлэһии быһыытынан 1897 сыллааҕы навигацияҕа Уус Куттан Саха сиригэр таһаҕас уонна дьон таһыытыгар хааһынаттан төлөбүр 50 737 солк. 50 харч. тахсыа суохтаах эбит.
  • 1938 — АХШ-га Герберт Уэльс «Аан дойдулар сэриилэрэ» диэн фантастика романын араадьыйаҕа ааҕыыта буолбут. Ааҕыыны дьиҥнээх репортаж курдук истииллээн оҥорбуттарыгар сорох истээччилэр итэҕэйбиттэр, паника тахсыбыт.
  • 1941 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр АХШ бэрэсидьиэнэ Франклин Делано Рузвельт ленд-лиз быһыытынан кыттыгастыы дойдуларга 1 миллиард дуоллардаах көмө оҥорорго дьаһайбыт.
  • 1961 — Аан дойду устуоруйатыгар саамай сүүнэ кыахтаах бомбаны ССРС дэлби тэптэрбит. 58-мегатонналаах водороднай бомба («Царь-бомба») Саҥа Сир арыытыгар дэлби тэптэриллибит. Санаттахха ол арыыга уруккуттан олохтоох дьураак (ненец) омуктары күүс өттүнэн көһөрөн кэбиспиттэрэ, билигин да төннө сатыыллар.
  • 1973 — Туурсуйаҕа Истанбул куоратыгар бастакы Босфор күргэтин тутуута түмүктэммит. Күргэ систэрин арыта 1074 миэтэрэ.
  • 1989 — Саха АССР Үрдүкү Сүбэтин уурааҕынан Бүлүү улууһугар Баппаҕаайы нэһилиэгиттэн арахсан Лөкөчөөн нэһилиэгэ тэриллибит.
  • 1995 — Канаадаҕа Квебек провинциятыгар тутулуга суох буолуу туһунан иккис референдум ааспыт. Куоластааччы 50,58% Канаада састаабыгар хаалар диэки буолбут, 49,42% туспа барабыт диэбиттэр, онон Квебек Канаадаҕа хаалбыт.
  • 2006 — «Тулун — Братскай — Уус-Кут — Дьокуускай» массыына суола федерация бас билиитигэр бэриллэрин туһунан Госдуума дьокутаата Виталий Шуба Братскай куоракка биллэрбит. Бу быһаарыныы Саха Өрөспүүбүлүкэтэ «Алроса» акцияларын бакыатын федерация бас билиитигэр биэрбитин түмүгэр, дохуота аҕыйаан өрөспүүбүлүкэ бу суолу кыайан үбүлээбэт буолбутуттан сиэттэрэн ылыныллынна, — диэбит Виталий Шуба.

Төрөөбүттэр:

Өлбүттэр:

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова