22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Аллайыаха кырачааннара күнү көрүстүлэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Аллайыаха улууһун олохтоохторо тохсунньу бүтүүтэ «Күнү көрсүү» национальнай бырааһынньыгы тэрийэллэр. Чуолаан бу кэмҥэ хотугу эргимтэҕэ күн тыгар. Чокурдаахтааҕы «Светлячок» дьыссаат ыалдьыттары түмтэ.


Чокурдаахха уһун кыһын кэнниттэн күн сардаҥата тыкпытынан, «Светлячок» оҕо саадын иттиллээччилэрэ оонньоотулар, айар үлэлэрин быыстапкалаатылар. Оҕолор уонна төрөппүттэр талааннарын көрдөрөн, тапталлаах айылҕаларын кэрэ түгэнин кыраасканан хоһуйдулар.

Илиинэн оҥоһук күрэҕэр Белозеровтар бастаатылариккис — Громовтар уонна үһүскэ Мясоедовтар таҕыстылар.

Декада устата араас бэсиэдэлэр буоллулар, «Айике далсике!» дьаарбаҥка ыытылынна. Презентациялары көрдөрдүлэр, айылҕа туһунан кинигэ аахтылар, хотугу дойду абыычайын, үгэстэрин билистилэр, хоһоон аахтылар, «Хэдэ» национальнай үҥкүүнү үҥкүүлээтилэр.

«Күн, дорообо!» бырааһынньык иитээччилэри, оҕолору, төрөппүттэри кэрэҕэ, сырдыкка, үтүөҕэ сомоҕолоото.

      

Ааптар: Николай РОЖИН, https://ulus.media/2020/01/23/malenkie-zhiteli-allaihi-vstretili-solntse/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА