Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын миниистирэ Алексей Чекунков инновационнай научнай-технологическай киин тэриллиитин өйүүрүн биллэрдэ. Кини этэринэн, Саха сиригэр ИНТЦ тэриллэригэр бары усулуобуйа баар.
“Биһиги бүгүн, научнай-технологическай киин тэрийэргэ туох ньымаларынан туһанарбытын ырыттыбыт. Манна маарынныыр киини Владивостокка Нуучча арыытыгар сайыннарабыт уонна өйүүбүт. Владивостокка баар киини кытары биир тэтимнэн үлэлиир кыахтаах ИНТЦ Саха сиригэр арылларыгар бары усулуобуйа баар”, — диэн Алексей Чекунков суруналыыстарга иһитиннэрдэ.
Бүгүҥҥү туругунан, Арассыыйа үрдүнэн 4 ИНТЦ үлэлиир (технологическай бизнеһы, саҥа бородуукталары уонна технлогиялары сайыннарар киин). ИНТЦ «Сириус» (Сочи), «Воробьевы горы», «Долина Менделеева» (Москва) уонна «Русский» (Владивосток). Бу кииннэр үлэлэрэ «Об инновационных научно-технологических центрах и о внесении изменений в отдельные законодательные акты Российской Федерации» диэн ааттаах 29.07.2017 с. 216 №-дээх Федеральнай сокуонунан хааччахтанар.
Маннык «технологическай долиналар» нолуок өттүгэр льготаҕа хапсаллар. Бастатан туран НДС-тан босхолоноллор, уонна 10 сыл тухары киирбит харчыларын уонна турар сирдэрин нолуоктаабаттар. Онон кыра да, улахан да урбаанньыттарга олус табыгастаах.