29 Кулун тутар 29.03
  • -13°
  • $ 92,26
  • 99,71

Александр Жирков Олоҥхо ыһыаҕынан эҕэрдэлиир

10:19, 28 июня 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ, Олоҥхо иккис уон сылын бэлэмнээн ыытар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков күндү Саха сирин олохтоохторугар, ытыктабыллаах Олоҥхо ыһыаҕын ыалдьыттарыгар эҕэрдэтэ.


Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уонна Олоҥхо Национальнай кэмитиэтин аатыттан Олоҥхо ыһыаҕынан эҕэрдэлиибин!

Сылтан сыл аайы өбүгэ саҕаттан үтүө үгэс быһыытынан илдьэ кэлбит өрөгөйдөөх бэлиэ күммүт – саха ыһыаҕын суолтата үрдээн, өйдөбүлэ кэҥээн, сиэрэ-туома ситэриллэн, чопчуланан иһэр. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Ыйааҕынан 1991 сыллаахха Ыһыах Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бырааһынньыгынан биллэриллибитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан 2009 сыллаахха Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэн ыытыы анал бэрээдэгэ – регламена бигэргэтиллибитэ. 2006 сыллаахха Сунтаар улууһугар бастакы Олоҥхо ыһыаҕа тэриллибитэ. Онтон ыла Саха сирин тоҕус улууһугар Олоҥхо ыһыаҕа буолла.

Олохтоох салалта, улуус дьонун-сэргэтин туруорсууларын ылынан, Өрөспүүбүлүкэ салалтата Олоҥхо ыһыаҕын иккис эргиирин ытык Дьааҥы сириттэн саҕалыырга дьаһал ылыммыта.

Бу манна, ыраах сытар хотугу түөлбэҕэ, былыр-былыргыттан олоҥхоҕо сүгүрүйэллэр, анаан-минээн дьарыктаналлар, төрүт үгэстэригэр ураты харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллар, утумнууллар. Олоҥхоҕо хоһуйулларын курдук, кырдьаҕас Дьааҥы сиригэр уран эйгэлээх, дуулаҕа дьулуурдаах, дьуһаал өйдөөх-санаалаах, үтүө-мааны үлэһит дьон олорор.

Дьааҥы курдук ыраах, суолга-иискэ кыһалҕалаах сиргэ үгүс ыалдьыттаах улахан тэрээһини аан бастаан тэрийэр улахан уустуктаах, ыарахаттардаах даҕаны. Ол үрдүнэн, улуус салалтата, хас биирдии нэһилиэк, тэрилтэ дьоно-сэргэтэ бииргэ түмсэн, Олоҥхо ыһыаҕын сиэрин-туомун толору тутуһан, хотулуу уратытын бэлиэтээн, үрдүк таһымнаахтык тэрийэргэ дьоһуннаахтык бэлэмнэннилэр. Эһиэхэ, ытык Дьааҥы хоһуун дьонугар, Хотугу эргимтэҕэ аан бастаан ыһыллар Олоҥхо Ыһыаҕын тэрийээччилэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан үтүө кыһамньыгыт, омук төрүт үгэстэрин харыстаһыыга, сайыннарыыга дьулуургут иһин махтал тылларын тириэрдэбин.

Күндү Сахам сирин олохтоохторо, ытыктабыллаах ыалдьыттар! Ийэ айылҕабыт торҕо күөҕүнэн силигилээн тапталлаах Сахабыт сиригэр самаан сайыны салайар. Өбүгэбит үтүө үгэстэрин умнубат хайа да омук олоххо тирэхтээх, инникигэ эрэллээх буолар. Сахабыт сирэ сайда, силигилии турдун, дьоммут-сэргэбит дьоллоох-тускулаах буоллун!

Кырдьаҕас, ытык Дьааҥы сиригэр дьоһуннаахтык төрүттэммит Олоҥхо ыһыаҕа санаа хоту буоллун, дьиэлээх дьон уонна үгүс үтүмэн ыалдьыт өйүгэр-санаатыгар үйэлээх өйдөбүл, кэрэ кэпсээн буоллун.

Олоҥхо ыһыаҕынан!

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА