22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Александр Лукин: Силиэдэбэтэл – идэ буолбатах, айдарыы

15:47, 06 апреля 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн, муус устар 6 күнүгэр, ис дьыала уорганнарын силиэдэбэтэллэрэ идэлээх бырааһынньыктарын бэлиэтииллэр. Итинэн сибээстээн, биһиги РФ ИДьМ-тын СӨ ИДьМ-тын миниистирин солбуйааччы — Силиэстийэлиир управление начальнигын Александр Лукины кытта кэпсэттибит.


Ыспыраапка:  Александр Иванович Лукин Илин Сибиирдээҕи юридическай институт Дьокуускайдааҕы филиалын үөрэнэн бүтэрбит.

Ис дьыала уорганнарыгар 1991 сылтан сулууспалыыр.

1994 сылтан силиэстийэ уорганнарын араас дуоһунастарыгар үлэлээбит.

2013-2016 сылларга СӨ ИДьМ-тын дознаниены тэрийии салаатын салайбыт.

2016 сыл алтынньы ыйыттан — РФ ИДьМ-тын СӨ ИДьМ-тын миниистирин солбуйааччы — Силиэстийэлиир управление начальнига.

Сулууспатын кэмигэр ИДьМ салалтатынан бэлиэтэммит, наҕараадалардаах.

— Александр Иванович, бастаан, интервьюбут саҕаланыытыгар, эһиги, ис дьыала уорганнарын силиэдэбэтэллэрэ, ханнык дьыалалары силиэстийэлииргитин ааҕааччыга санатан аһарыахха. Тоҕо диэтэххэ, дьон үксэ итини соччо-бачча араарбат, Силиэстийэлиир кэмитиэт управлениетын кытта бутуйар…

— Ис дьыала уорганнарын силиэстийэлиир подразделениелара 1963 сыллаахха муус устар 6 күнүгэр Сэбиэскэй Сойуус Үрдүкү сэбиэтин Президиумун ыйааҕынан тэриллибиттэрэ. Эһиил 55 сылбытын бэлиэтиибит.

Биһиги уорууну, халааһыны, талааһыны, доруобуйаҕа эмсэҕэлээһини оҥоруу араас көрүҥнэрин (Холуобунай кодекс 111-с ыст. 4-с чааһыттан уратылары), түөкүннээһини, массыынаны күрэтиини, суол быһылааннарын, наркотикка сыһыаннаах буруйдары силиэстийэлиибит.

Өлөрүүлэринэн, киһини кырбаан сэрэҕэ суохтан өлүүгэ тиэрдии дьыалаларынан, дуоһунастаах дьон буруйу оҥоруутунан Силиэстийэлиир кэмитиэт силиэдэбэтэллэрэ дьарыктаналлар.

— Ааспыт 2016 сылга эһиги силиэстийэлиир холуобунай дьыалаларгытыттан көрдөххө, буруй ханнык көрүҥнэрэ элбээбиттэрий?

— Уопсайа 2865 дьыаланы силиэстийэлээн, суут көрүүтүгэр ыыппыппыт (2015 сылга 2679 этэ). Дьон малын-салын уоруу, түөкүннээһин, наркотикка сыһыаннаах буруйдар элбээтилэр. Маныаха наркотикка сыһыаннаах дьыалалар элбээһиннэрэ былырыын саас Наркохонтуруол федеральнай сулууспата сабыллан, кини функциялара полицияҕа бэриллибиттэринэн быһаарыллар (2016 с. – 573 дьыала, 2015 с. – 387).

Салгыы ырыттахха: 2016 сылга сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор буруйу оҥоруулара аҕыйаата – 404 дьыала (2015 сылга 470 этэ), суол быһылааннарын дьыалалара — 157 (2015 сылга 172 этэ).

Манна даҕатан эттэххэ, суол быһылааннарын силиэстийэлиир бэйэтэ уустуктардаах. Быһылаан буолбут сирин тутатына үөрэтии-чинчийии хайдах ыытыллыбытыттан дьыала түмүгэ улахан тутулуктаах. Ол иһин силиэдэбэтэллэри бэлэмнииргэ, идэлэрин таһымын үрдэтиигэ ураты болҕомто уурабыт, ону тэҥэ, урут үлэлээбит уопуттаах силиэдэбэтэллэри ыҥыран, семинардары ыытабыт.

Тэрээһиннээх бөлөхтөр оҥорбут буруйдарынан 31 холуобунай дьыала силиэстийэлэммитэ, олортон 21-рэ суут көрүүтүгэр барбыта. Оттон биир тэрээһиннээх түмсүү (“организованное преступное сообщество”) дьыалата былырыын суукка баран, бириигэбэр тахсыбыта. Буруйдаахтар наркотигы Приморскай кыраайтан саҕалаан, Московскай уобалаһынан манна таспыттар. Бу дьыаланы оперативниктары кытары утуйар ууну умнан, түүннэри-күнүстэри сыралаһан суукка тиэрдибиппит.

  —Кэлиҥҥи кэмҥэ түөкүннээһин тэтимнээхтик элбээн иһэрин статистика, олох да көрдөрөр…

— Ааспыт сылга ити хайысханан 770 холуобунай дьыаланы силиэстийэлээбиппититтэн (сорохторо бу сылга көһөн биэрдилэр), 532-тэ түөкүннээһиҥҥэ сыһыаннаахтар, 238-һа– баан счетуттан уорууга. Интэриниэти уонна суотабай төлөпүөнү туһанан 643 буруй оҥоһуллубут, оттон бу сыл тохсунньу ыйыгар — номнуо 30.  Итинник буруйдар 80 %-нара «дистанционнай», ол эбэтэр, ыраахтан олорон түөкүннээһиҥҥэ киирсэллэр. Өскөтүн манна оҥоһуллубут буруйдар кэм дэбигистик арыллар эбит буоллахтарына, өрөспүүбүлүкэ таһыгар баар түөкүттэри булар, тутар уустуктардаах.

— Оттон экономическай, коррупционнай буруйдар тустарынан?

— Итинник буруйдар 2015 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 2016 сылга икки төгүл элбээбиттэр: экономическай дьыалалар – 842 (2015 сылга 420 этэ), коррупция – 50 (2015 сылга 24 этэ). Холобурдаатахха: Соколовтар диэн кэргэнниилэр харчы уурдарааччылар уонна акционердар бырааптарын көмүскүүр федеральнай уопсастыбаннай пуонда уурдарааччыларын албыннаабыт дьыалалара борокуратуура бигэргэтиитигэр барбыта.

Өссө биир дьыала билигин суукка көрүллэ сылдьар: сууттанааччылар “мэрияҕа билэр дьонноохпут” диэн дьону албыннаан, Дьокуускайга уонна куорат таһынааҕы бөһүөлэктэргэ учаастактары атыылаабыттар. Итиниэхэ маарынныыр өссө икки дьыаланы силиэстийэлии сылдьабыт.

—Александр Иванович, бүгүн бырааһынньыккыт, онон дьыалалар тустарынан кэпсэтиибитин тохтотон, үлэһиттэриҥ туһунан сырдата түһүөҥ дуо?

— Биһиги салааларбытыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 300-тэн тахса силиэдэбэтэл сулууспалыырыттан 120-тэ – киин куоракка. 50 %-мыт – дьахталлар. Кэрэ аҥаардары “киһи-аймах мөлтөх аҥаара” дииллэр эрээри, төттөрүтүн, саамай тулуурдаах, күүстээх, үлэҕэ дьүккүөрдээх  кинилэр диэн бигэтик этиэххэ сөп.

Ити үөһэ этэн аһарбытым курдук, эһиил 55 сылбытын бэлиэтиэхпит. Маныаха үбүлүөйгэ бэлэмнэнии үлэтэ номнуо саҕаланна, анал бөлөх тэрилиннэ. Миниистир Владимир Прокопенко силиэстийэ үлэтин, силиэдэбэтэллэри сүрдээҕин өйүүр. Дьиэ-уот кыһалҕатын быһаарыыга, үлэ усулуобуйатын тэрийиигэ көмөлөһөр.

Силиэдэбэтэл диэн – идэ буолбатах, үөһэттэн айдарыы. Бүгүн түгэнинэн туһанан, урукку сылларга ситиһиилээхтик үлэлии сылдьыбыт бэтэрээннэрбитин –Геннадий Корниловы, Ариан Игнатьевы, Петр Степановы, Егор Колодезниковы, Михаил Мухины, Любовь Обухованы, Любовь Моякунованы, Александр Уваровскайы, кэлин судьуйа буолбут дьону –Людмила Гореваны, Гаврил Кононовы, Дмитрий Саввиновы, Кузьма Семеновы, Василий Соловьевы, Светлана Бережневаны, Ольга Павлованы, Александр Брызгаловы уо.д.а. ахтан аһарыахпын баҕарабын.

Кинилэри солбуйар дьоһуннаах көлүөнэ үүнэн-сайдан иһэрин киэн тутта бэлиэтиибин, ол – Алдар Базаров (ИДьМ), Аграфена Данилова (Дьокуускай),Николай Васильев (Дьокуускай), Евгений Алексеев (Өймөкөөн) уоннаСемен Колесов (Уус Маайа). Уонна эдэр салайааччылар — Петр Мухин, Евгений Разин, Айтолина Самсонова, Иван Устинов, Марианна Кривошапкина уо.д.а.

Идэлээх бырааһынньыкпытынан бэтэрээннэри уонна билигин сулууспалыы сылдьар силиэдэбэтэллэри ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, дьолу-соргуну баҕарабын!

edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА