22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Айсен Николаев: «Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун сомоҕолоһуулара – Саха сирин сайдар суола!»

10:00, 04 ноября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ытыктабыллаах Сахам сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм эһигини Арассыыйа дьонун-сэргэтин түмэр сүрүн бырааһынньыгынан – Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

409 сыллааҕыта бу күн Минин уонна Пожарскай баһылыктаах норуот сэриитэ Москубаны поляк-литовец интервеннэриттэн босхолообута. Манна Арассыыйа норуота дойдутун көҥүлүн иһин киирсиигэ духуобунай сомоҕо күүһүн көрдөрбүтэ. Бу күүс 1812 сыллааҕы Аҕа Дойду сэриитигэр уонна фашисткай Германияны кытта Улуу Аҕа Дойду сэриитигэр хабыр хапсыһыыга тулуктаһарга көмөлөспүтэ.

Норуот сомоҕолоһуутун күнэ бүтүн Арассыыйа уопсастыбата түмсүүлээҕин уонна дойду бары норуоттара эйэ дэмнээхтик, өйдөһөн- өйөнсөн олороллорун кэрэһилиир.

Саха сирэ өрүүтүн Арассыыйаҕа баар биир санаанан, эрэлинэн сирдэтэн олорбута, олорор уонна олоруоҕа даҕаны. Биһиги, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, бырааттыы буолуу ситимин уонна доҕордоһууну үрдүктүк тутабыт, дойду соргута барыбытыттан тутулуктааҕын өйдүүбүт.

Бүгүн Арассыыйаҕа, эмиэ бүтүн аан дойдуга курдук, коронавирус ыарыыта туран – уустук кэм. Ол гынан баран дойдубут ыарахаттартан иҥнибэккэ, иннин диэки дьүккүйэн, сайдан иһэр – быйылгы сыл Арассыыйаҕа наука уонна технология сылынан биллэриллибитэ. Биһиги эрэгийиэммит бэрэсидьиэн Владимир Путин этиитин олоххо киллэриигэ көхтөөх кыттыыны ылар. Арассыыйаҕа наука уонна технология сылын чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ кэлим научнай чинчийии иккис түһүмэҕин бырагырааматын бигэргэттибит, «Арассыыйа геостратегическай сирин-уотун сайыннарыы уонна университеттар» форуму ситиһиилээхтик ыыттыбыт, Хотугу-Илиҥҥи федеральнай университет ыччаты наукаҕа сыһыарыыга аналлаах бырайыактары саҕалаата. Эрэгийиэн академическай научнай уонна инновационнай тэрилтэлэрэ, итиэннэ «Арассыыйа – Мин историям» историческай паарка «Саха сиригэр академическай наука и технологиялар» диэн барыл ааттаах кэккэ тэрээһиннэри ыыттылар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр быйылгы сылы Доруобуйа сылынан биллэрдим, тоҕо диэтэргит доруобуйата суох экэниэмикэни, олоҕу- дьаһаҕы да сайыннарыы кыаллыбат суол. Манна мин уопсастыбаннай доруобуйаны бөҕөргөтүү уонна байылыат олоҕу ситиһии  түмсүүлээх эрэ буоллахпытына, хас биирдии киһи уопсай дьыалаҕа бэйэтин кылаатын киллэрэргэ дьулустаҕына, кыаллыаҕа диэн тоһоҕолоон этиэм этэ. Ол иһин алтынньы бүтүүтэ Дьокуускай куоракка «Саха сирин чэгиэн-чэбдик олохтооҕо – чэгиэн-чэбдик уопсастыба» гражданскай форуму тэрийэн ыыттыбыт. Атах тэпсэн олорон кэпсэтии түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, уопсастыбанньыктар резолюцияны бигэргэттилэр. Бу докумуону бүгүн, сэтинньи бүгүн 4 күнүгэр, Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр, Саха сирин дьонун-сэргэтин истиитигэр-көрүүтүгэр таһаарыахпыт.

Күндү биир дойдулаахтарым!

Кэлэр сылга өрөспүүбүлүкэбит тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиэхпит. Үйэлээх үбүлүөй иннигэр, Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр, барыгытын Сахабыт сирин дьонун-сэргэтин олоҕун тупсарыыга биир уопсай сыал тула түмсүөххэ диэн ыҥырабын! Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун бэйэ-бэйэни кытта өйдөһүүгэ, сомоҕолоһууга дьулуһуулара – Саха сирин сайдар суола диэн бигэ санаалаахпын!

Барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну уонна дойду, өрөспүүбүлүкэ чэчирии сайдарын туһугар саҥа ситиһиилэри, кыайыылары баҕарабын!

 Айсен Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                                          

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА