22 Ахсынньы 22.12
  • -39°
  • $ 102,34
  • 106,54

Ахсынньы 24 күнэ.  Арассыыйа сэриигэ албан аатын күнэ - Бикипиэдьийэ

09:06, 24 декабря 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Александр Суворов хамаандалаах нуучча сэриитэ туурак кириэппэһин Измаилы 1790 с. ылбыт. Нуучча аармыйатын улуу кыргыһыытыгар анаммыт күн 1995 сыллаахтан бэлиэтэнэр.   

Бүгүн саха биллиилээх бэйиэтэ, үгэһитэ, тылбаасчыт Күн Дьирибинэ, Таатта Игидэйиттэн төрүттээх социолог учуонай, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр баартыйа диэйэтэлэ, суруналыыс, устуоруйа билимин хандьыдаата Иван Аргунов, Мэлдьэхситтэн төрүттээх саха бастакы балерината Аксения Посельская, Ньурбаттан төрүттээх ЛОРП, «Якутгражданпроект», «Лена» гостиница, Өксөкүлээх Киинэ, СГУ Мэдиссиинэ үнүстүүтэ, «Хотугу сулус» көстүүнэй дьиэ, Саха тыйаатыра дьиэлэрин архитектора Дмитрий Саввинов төрөөбүттэр. 


Ахсынньы 24 диэн Григориан халандаарыгар сыл 358-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 359-c күнэ). Сыл бүтүө 7 күн баар.

Бэлиэ күннэр:

Түбэлтэлэр:

  • 1865 — Ку-клукс-клан диэн расистыы тэрилтэ үөскээбит.
  • 1900 — кыраныысса таһыгар «Искра» бастакы нүөмэрэ тахсыбыт — РСДРП бүтүн Арассыыйатааҕы бастакы хаһыата.
  • 1918 — Генерал Анатолий Пепеляев хамаандалаах үрүҥнэр Пермь куораты ылбыттар.
  • 1924 — Албания өрөспүүбүлүкэ буолбут.
  • 1939 — ССРС үрдүнэн олохтоох Сэбиэттэр быыбардара ыытыллыбыт, саҥа 1938 сыллааҕы Төрүт Сокуоҥҥа (Конституцияҕа )олоҕуран судаарыстыбаннай былаас уорганнарын уларытан тэрийии түмүктэммит.
  • 1993 — Башкортостааҥҥа Төрүт сокуон ылыллыбыт.

Төрөөбүттэр:

  • 1903 — Күн Дьирибинэ (22.04.1970 өлб.) — саха биллиилээх бэйиэтэ, үгэһитэ, тылбаасчыт. Эдэр сылдьан Гражданскай сэриигэ саа-саадах тутан көхтөөхтүк кыттан сэбиэскэй былааһы көмүскэспитэ. Тулагы_Киллэм, Амма кыргыһыыларын кыттыылааҕа.
  • 1922 — Иван Аргунов — (24.12.1922—27.10.1988) — Таатта Игидэйиттэн төрүттээх социолог учуонай, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр баартыйа диэйэтэлэ, суруналыыс, устуоруйа билимин хандьыдаата. 1961—1965 сс. — «Советская Россия» хаһыат кэрэспэдьиэнэ, онтон «Кыым» уонна «Социалистическая Якутия» хаһыаттар холбоһуктаах эрэдээксийэлэрин салайбыта.
  • 1924 — Аксения Посельская (24.12.1924—1983) — Мэлдьэхситтэн төрүттээх саха бастакы балерината. Кэргэнэ — биллиилээх саха бэлиитигэ Сэмэн Сюльскай.
  • 1935 — Спиридон Сосин, Саха сирин түмэт дьайыксыта (уопсастыба диэйэтэлэ), Саха Өрөспүүбүлүкэтин идэлээх сойуустарын сэбиэтин 1988-2004 сс. салайбыта.
  • 1939 — Дмитрий Саввинов — Ньурбаттан төрүттээх архитектор. Кини бырайыактаабыт дьиэлэрэ: ЛОРП дьиэтэ,«Якутгражданпроект» дьиэтэ (билигин АЛРОСА уонна Тутуу министерствота), «Лена» гостиница (1972), Өксөкүлээх Киинэ, СГУ Мэдиссиинэ үнүстүүтэ, «Хотугу сулус» көстүүнэй дьиэ, Саха тыйаатыра уо.д.а.
  • 1948 — Пантелеймон Петров — Хардыы — Сунтаар улууһун Түбэй Дьаархан нэһилиэгиттэн төрүттээх устуоруйа билимин хандьыдаата, «Азия Хотугулуу-илинин куораттара (1861—1917 сс.)» диэн тиэмэҕэ диссэртээссийэтин Новосибирскайга көмүскээбитэ. Энсикилипиэдьийэлэр эрэдээксийэлиир сэбиэттэригэр киирэр, «Якутский архив» диэн сурунаал эрэдээксийэтин кэллиэгийэтин чилиэнэ, элбэх нүөмэри эппиэттээн таһаарбыта.
  • 1955 — Декабрина Винокурова — социология билимин хандьыдаата, дассыан. Иркутскайга Хо Ши Мин аатынан үнүстүүтү бүтэрбитэ, Саха сиригэр промышленность сайдыытыгар миграция хайдах барбытын чинчийбитэ.

Өлбүттэр:

  • 1974 — Захар Гоголев (01.08.1911—24.12.1974) — Дүпсүн улууһун Чэриктэйигэр төрөөбүт устуоруйа билимин дуоктара. Москубаҕа үрдүк үөрэҕи бүтэрэн аспирантураҕа үөрэнэ сылдьан сэриигэ ыҥырыллыбыт. Киев босхоломмутун кэннэ онно пехотнай училищеҕа преподавателлээбит. Сэрии бүппүтүн кэннэ Киевкэ нуучча уонна туурак судаарыстыбаларын сыһыаннарыгар диссэртээссийэтин көмүскээбит. 1949—1963 сс. Дьокуускайга Тыл, литэрэтиирэ уонна устуоруйа Институтун салайбыт.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова