22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Аэрофлот" Уһук Илин уокурукка чэпчэтиилээх билиэт сыанатын намтатар туһунан эттэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Аэрофлот» Владивосток, Петропавловскай-Камчатскай, Хабаровскай, Соҕурууҥҥу Сахалинскай, Магадан уонна Дьокуускай хайысхаларынан билиэттэрин сыаналарын чиэппэр саҕаны чэпчэтиэҕэ.

«Аэрофлот» Москва уонна Уһук Илин куораттарын икки ардыларыгар чэпчэтиилээх билиэт сыанатын 25% намтатыаҕа, диэн авиахампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Чэпчэтии ыам ыйын 17 күнүттэн бэс ыйын 30 күнүгэр диэри Владивосток, Петропавловскай-Камчаткскай, Хабаровскай, Соҕурууҥҥу Сахалинскай, Магадан, Дьокуускай хайысхаларга оҥоһуллуоҕа.

«Тариф сыаната бары чэпчэтиилээх бырагыраамаларга түһэр, социальнай категориялаахтарга уонна Уһук Илин уокурукка бастайааннай пропискалаах дьҥҥо эмиэ сыана намтыыр», — диэн хампаанньаҕа чуолкайдаатылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА