22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Абый улууһун Кэбэргэнэтигэр социальнай десаан дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга үлэ ыытар

Хаартыска: Хотугу кыым хаһыат
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кэбэргэнэҕэ социальнай десаан үлэлээтэ. Маннык десааны Абый улууһун социальнай харалта управлениета, үлэ уонна дьарыктаах буолуу киинэ, пенсионнай отдел үгэс быһыытынан сылга иккитэ ыыталлар.

Управление начальнига Айдар Михайлович Ефимов, үлэ уонна дьарыктаах буолуу кииниттэн Татьяна Гаврильевна Межова, пенсионнай отдел салаайааччыта Матрена Гаврильевна Банщикова олохтоохтору кытта көрсөн ааспыт сыллааҕы үлэлэрин кэпсээтилэр, бу сылга киирбит саҥа уларыйыылары билиһиннэрдилэр, ыйытыыларга эппиэттээтилэр. Нэһилиэнньэни араас категорияларынан пенсияҕа тахсар саас, 25-30 сыл бииргэ олорбут ыал дьону материальнай өттүнэн бэлиэтиир бырайыак уо.д.а. боппуруостар интэриэһиргэтэллэр. 9 оҕолооох Ираида Слепцова дьиэҕэ уочарата кэлэрин сырыы аайы ыйыталаһар, уочаратыҥ быйыл кэлиэн сөп диэн үөртүлэр.

Маны таһынан салайааччылар нэһилиэнньэҕэ тус прием оҥордулар. Элбэх киһи бэйэлэрин  кыһалҕаларынан киирэн кэпсэттилэр.

Күн иккис аҥарыгар библиотекаҕа улуус кииниттэн социальнай үлэһит Туяра Садовникова уонна социальнай педагог Саргылана Степанова анаан кэлэн баҕалаах хаһаайкаларга маастар-кылаастары ыыттылар.

Туяра таба тыһын, киис тириитин имитии аныгылыы технологиятын кэпсээтэ, кэпсии-кэпсии киис тириитин имитэн көрдөрдө. Иистэммит кииһин тириитин тобохторуттан жилет, бэргэһэни уларытан тикпитин, имитиллибит киистэрин көрдөрдө.

Саргылана изолон матырыйаалтан улахан декоративнай сибэккилэри оҥорорго үөрэттэ.

«Олус туһалаах, үчүгэй маастар-кылаастар буоллулар. Туйяра оҕо эрдэҕиттэн иистэнэр эбит. Домоводство уруогар бастаан иистэнэргэ үөрэммитим диир. Сүрдээх ылынымтыатык кэпсиир, көрдөрөр. Бэйэтэ оҥорбут үтүлүгүн ньимиэтин биэрбитинэн хаһаайкалар, хата, ол күн тигэн туһаммыттар. Оттон Саргылана сибэккилэрин наһаа сөбүлээтим. Ханнык баҕарар декорацияҕа туһаныахха сөп. Сууйуллар. Ити матырыйаалтан светильник да оҥоруохха сөп эбит. Мустубут дьон саҥаны билэн, махтанан тарҕастылар», — диэн библиотекарь Надежда Сидорова санаатын үллэһиннэ.

Санатан эттэххэ, социальнай харалта управлениета олохтоох библиотеканы кытта 2023 с. «Хэрэчэ» диэн уопсай  бырайыактаахтар. Библиотекарь Надежда Сидорова хаһаайкалар дьарыктаах буолалларыгар аналлаах куруһуок ыытар. Управление 3 иистэнэр массыынаны, кыптыыйдары, килиэйдиир бэстилиэттэри, тыс имитэргэ аналлаах инструменнары ылан биэрбит. Надежда Васильевна этэринэн, олус туһалаах дьыаланан дьарыктаналлар. Холобур, тыс имитэр инструменнары дьиэлэригэр уларсан да туһаналлар эбит.

«Саамай иистэнэр, түүлээх таҥаһы тигэр баар суох сүбэһиппит Альбина Шкулева быйыл «Якутия мастеровая» быыстапкаҕа кыттар баҕалаах, бэлэмнэнэр», — диир Надежда.

Ити курдук Кэбэргэнэҕэ социальнай харалта управлениетын сырыыта олус туһалаах буолла.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА