Абый улууһугар уустук олохтоох ыалга, кэтэх хаһаайыстыбаларга уонна урбаанньыттарга анаан социальнай контракт нөҥүө көмө үп көрүллүүтүн тыырар хамыыһыйа мунньаҕа буолан ааста. Түөрт сайабылыанньа баар.
Айдар Ефимов, социальнай харысхаллаах буолуу управлениетын салайааччыта:
— Бүгүҥҥү хамыыһыйа мунньаҕар түөрт сайабылыанньа киирбитин көрдүбүт. Ол курдук, Кэбэргэнэттэн биир уустук олохтоох ыалга ас уонна таҥас ылыналларыгар,
биир ыал кэтэх хаһаайысһыба тэринэригэр, чуолаан теплица туттарыгар уонна оҕуруот аһын үүннэрэн эбии үп харчы киллэринэригэр 250 тыһынча көрдүбүт.
Маны таһынан элбэх оҕолоох икки ыал ИП тэринэн, бурдук аһы бэлэмнээн нэһилиэнньэни хааччыйарга диэн Майыар уонна Ураһалаах олохтоохторуттан киирбит сайбылыанньаларга 258 уонна 300 тыһыынча солкуобай көмө харчы көрүллэр буолла.
Манна даҕатан эттэххэ, дьиэ сүөһүтүн ииттэргэ анаан кэтэх хаһаайыстыба, ИП тэринэргэ хамыыһыйа аатыгар олохтоохтортон сайыбылыанньа күүтэбит, — диэн иһитиннэрдэ.
Хамыыһыйа улуус баһылыгын солбуйааччы Алексей Павлов уонна тустаах тэрилтэ үлэһиттэрэ кыттыылаах ыытылынна.
Ааптар: «Хотугу кыым» телеграм-ханаала