20 Ыам ыйа 20.05
  • 10°
  • $ 90,99
  • 98,78

Ааспыт сууккаҕа сэттэ тыһыынчаттан тахса иэннээх сиргэ алта ойуур баһаарын умуллардылар

10:02, 08 августа 2023
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр атырдьах ыйын 8 күнүгэр сарсыарда 118 758,2 гектар иэннээх сиргэ 52 ойуур баһаарын умуруорууга үлэ барар бу туһунан өрөспүүбүлүкэ экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Уоту Алдан, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Ленскэй, Кэбээйи, Муома, Нерюнгри, Ньурба, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Орто Халыма, Уус Алдан, Уус Маайа уонна Чурапчы оройуоннарыгар умуллараллара  чуолкайданар. Аааспыт сууккаҕа 7486 гектар иэннээх сиргэ алта баһаары тохтоттулар.

Баһаары умулларыыга 1383 киһи, 28 анал тиэхиньикэ, уон үс Ан-2  уонна Cessna сөмөлүөт, сэттэ Ми- 8 бөртөлүөт үлэлиир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар