Саха сиригэр атырдьах ыйын 26 күнүнээҕи туругунан, 646 киһи коронавируһунан ыарыйда, 28 киһи балыыһаҕа киирдэ, 395 киһи үтүөрдэ. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи оперштаб иһитиннэрдэ.
Дьокуускайга – 472 киһи ыалдьыбыт,
Мэҥэ Хаҥаласка – 25,
Мииринэйгэ – 20,
Намҥа – 13,
Хаҥаласка – 12,
Бүлүү, Ньурба оройуоннарыгар – 10-нуу, Нерюнгрига -9,
Алдан, Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн, Ленскэй, Муома, Сунтаар, Таатта оройуоннарыгар 6-лыы,
Горнайга — 4,
Абый, Кэбээйи, Өймөкөөн, Уус-Алдан, Уус- Майа, Чурапчы оройуоннарыгар-3- түү,
Үөһээ Халыма, Өлүөхүмэ, Өлөөн, Орто Халыма, Томпо оройуоннарыгар — 2-лии,
Аммаҕа – 1.
Стационарга 5,4% киһи хамсык ыарыыны эмтэнэр, тастан – 94,6%. Коронавируһу эмтэнэргэ анаммыт 493 куойка миэстэлэртэн 33,9% киһитэ суох.
Сууккаҕа өрөспүүбүлүкэ лабораториялара коронавируснай инфекцияҕа 4083 чинчийиини ыыппыттап. Пандемия саҕаланыаҕыттан барыта 2 486 328 тест оҥоһуллубут.