25 Муус устар 25.04
  • -5°
  • $ 92,51
  • 98,91

Аан дойду үрдүнэн дьон ахсаана аҕыс миллиардка тиийбит

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сир олохтоохторун ахсаана аҕыс миллиард киһиэхэ тиийдэ, бу туһунан РИА Новости иһитиннэрэр. Киһи ахсаана ордук Азия уонна Африка дойдуларыгар элбээбит.

Индия олохтоохторун ахсаана 177 мөлүйүөн киһинэн эбиллибит, Кытай нэһилиэнньэтин ахсаана 73 мөлүйүөн буолбут. Онуоха чинчийээччилэр инникитин Индия сирэ нэһилиэнньэтэ элбээн улаатарын бэлиэтээтилэр. Экспертэр сылыктыылларынан 15 сылынан , өссө миллиард киһи бүтүн сиргэ эбиллиэҕэ.

Санатан эттэххэ, Арассыыйа олохтоохторун ахсаана 2022 сылга 147 мөлүйүөн, бу аан дойдуга тохсус миэстэ уонна дьон уопсай ахсаанын 1,84 бырыһыана буолар. Росстат сыанатынан, дойдуга 70 саастарыттан аҕа саастаах дьон ахсаана 14,8 мөл. оттон  35- тэн 39- гар диэри саастаах эдэр дьон — 12,5 мөл. киһи буолар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар