29 Кулун тутар 29.03
  • -13°
  • $ 92,26
  • 99,71

Тыа хаһаайыстыбатын биэрэпиһэ 70% оҥоһулунна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүтүн Россиятааҕы тыа хаһаайыстыбатын биэрэпиһин бастакы түһүмэҕин 70% түмүктэннэ. Атырдьах ыйын ортотугар диэри ыытыллар, ол кэнниттэн балаҕан ыйын 15 күнүттэн сэтинньи 15-гэр диэри ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга биэрэпис тэриллэр.


Өлүөхүмэ, Аллараа Халыма уонна Аллайыаха улуустарыгар биэрэпис толору ыытылынна.

108,4 тыһ.хаһаайыстыбаны, ол иһигэр 100 тыһыынча кэтэхтэри хабыахтара.

«Биэрэпис үлэтэ былаан быһыытынан бара турар. Хаҥалас улууһугар кэтэх хаһаайыстыба 82% аахтылар. Атырдьах ыйын 10 күнүгэр үлэ түмүктэниэҕэ», — диэн СИА-ҕа бүтүн Россиятааҕы биэрэпиһи ыытарга боломуочуйалаах Лукерья Охлопкова эттэ.

Аан дойду уонна Россия ырыынактарыгар үөскээбит быһыыга-майгыга, тас дойдулартан кэлэр аһы-үөлү олохтоох бородууксуйанан солбуйуу кэмигэр биэрэпис ылар оруола муҥутуур улахан.

«Бу тэрээһин түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ хас төбө сүөһү баарын чопчу билиэхпит. Ити судаарыстыба оҥорор бырагырааматыгар, бэриллэр субсидияҕа, дотацияҕа улахан суолталаах. Былырыын улахан кураан буолбута, онон букатын аҕыйах сиилэһи бэлэмнээбиппит. Оттон быйыл тохтообот ардахтар. Атырдьах ыйа саҕаланара ыы муннуга ыган кэллэ, оттон биһиги хаһаайыстыбабыт баара-суоҕа 16 рулоннаах», — диэн Нөмүгү агрофирматын зоотехнига Михаил Борисов этэр.

Бүтүн Россиятааҕы биэрэпиһи бэлэмнииргэ, ыытарга федеральнай бюджеттан 12,7 млрд солк. көрүллүбүтэ, Саха сиригэр анаммыт субвенция кээмэйэ 16 мөл.солк.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА