22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Эр киһи олоҕу хамсатар күүс" форумҥа эр дьон Майаҕа муһуннулар

19:01, 08 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу ый саҕаланыыта бэлиэтэммит Аҕа Күнүн  чэрчитинэн Дмитрий Ходулов аатынан Майатааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр улуус салалтатын уонна уопсастыбаннай хамсааһыннарын тэрийиилэринэн «Эр киһи олоҕу хамсатар күүс» диэн форумҥа Саха сирин аҕыс улууһуттан дьон-сэргэ хото муһунна.


Форум кыттыылаахтара эр киһи уопсастыбаҕа, дьиэ кэргэҥҥэ суолтатын өрө таһаарарга туһуламмыт киэҥ кэпсэтиини тэрийдилэр. Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Аҕа Лигатын үлэтин уонна инники былаанын туһунан салайааччы Айхал Габышев билиһиннэрдэ. Эр киһини иитэн таһаарыыга норуот үөрэҕин үгэс буолбут ньымаларын туһаныы, уол оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитии уратылара, о.д.а. дьүүллэһии эргийэр киинигэр турдулар. Маныаха үөрэтэр, сүбэлиир-амалыыр, бэйэ уопутун атастаһар иһитиннэриилэри форум кыттыылаахтара оҥордулар.

Форум кэмигэр өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар көдьүүстээхтик үлэлиир саҥа саҕалааһыннары, уруккуттан биллэр-көстөр уопуту дьон-сэргэ сэргии иһиттэн. Уус Алдан Бороҕонуттан Н.Н.Яковлев дьону-сэргэни чөлүгэр түһэрэр киин, Амма Бөтүнүттэн С.Д.Нестеров “Баат” холбоһук, Р.Е.Захаров Хаҥалас Өктөмүн уопсастыбаннай хамсааһынын үлэлэрин мустубут дьоҥҥо сиһилии сырдаттылар.

Форум көннөрү кэпсэтиинэн, ырытыынан эрэ муҥурдаммата. Үлэ уопутуттан олоххо наадалаах этиилэри түмэн, мунньан тустаах резолюцияны ыллылар. Резолюцияҕа чөл олоххо, уол оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ аналлаах этиилэри сааһылаан киллэрдилэр.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ бастыҥ үлэлээх аҕалары, эр дьону чиэстээтилэр-бочуоттаатылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА