2027 сылга Арассыыйаҕа биэнсийэ бары көрүҥэ үрдэтиллиэҕэ, ол эрэн чопчу болдьохторун уонна механизмнарын экэниэмикэ туругун учуоттаан быһаарыахтара, диэн РИА Новости иһитиннэрэр.
Страховой, социальнай уонна мунньуллар биэнсийэлэр тустарынан этиллэр, ону таһынан байыаннайдар биэнсийэлэрэ уонна үлэлии сылдьар биэнсийэлээхтэр хос ааҕыылара. Страховой биэнсийэни биирдэ индексациялааһын оннугар — тохсунньу 1 күнүттэн икки түһүмэҕинэн үрдэтии былааннанар — олунньу 1 уонна муус устар 1 күннэриттэн. Социальнай биэнсийэлэр, уруккутун курдук, муус устар 1 күнүттэн индексацияланыахтара.
Сыл устата туспа категорияларга, холобур, шахтердарга уонна лүөччүктэргэ эбии төлөбүрдэр хос ааҕыллыахтара. Атырдьах ыйын 1 күнүттэн үлэлии сылдьар биэнсийэлээхтэргэ былааннаммыт хос ааҕыы уонна мунньуллар биэнсийэлэр үрдээһиннэрэ күүтүллэр. Алтынньыга байыаннай биэнсийэлэр индексацияланыахтара.



