Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев иһитиннэрбитинэн, бу сылга туорахтаах култуураны үүннэрии иэнэ эбиллэр, 49,1 тыһ. гектар буолар. 2020 сылга бу көрдөрүү 47,1 тыһ га тэҥэ, СИА тустаах пресс-сулууспаҕа олоҕуран суруйар.
49,1 тыһ гектартан бурдукка — 10,5 тыһ. га, эбии аһылыкка – 30,8 тыһ. га, хортуоппуй – 6,4 тыһ. га, оҕуруот аһа – 1,3 тыһ. га бэриллэр. Былаан быһыытынан хомуллуохтаах бурдук — 12 тыһ. тн, хортуоппуй – 71 тыһ. тн уонна оҕуруот аһа – 30,1 тыһ. тн.
Бу туһунан Николай Афанасьев 2021 сыллааҕы ыһыы туһунан муньахха эттэ. Улуустартан тыа хаһаайыстыбатын управлениеларын үлэһиттэрэ, «Служба земледелия», «Россельхозцентр» тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ уонна агрономнар кытыннылар.
Быйыл сааскы ыһыыга 197,4 мөл солк көрүлүннэ, ол иһигэр бурдукка — 104,4 тыһ. солк, хортуоппуйга — 65,2 тыһ. солк, оҕуруот аһыгар — 27,8 тыһ. солк. Былаан быһыытынан үбүлээһини ыытыыны саҕалааһын кулун тутарга турар.
«Саха сиригэр ыһыы үлэтэ ыам ыйын саҥатыгар саҕаланар. Билигин хаһаайыстыбалар сиэмэ уонна уоҕурдуу ылыытыгар дуогабардары оҥорсоллор. Сиэмэҕэ наадыйыы — 2104 туонна, эбии аһылыкка сиэмэ — 2950 туонна, уһун сыллаах от сиэмэтигэр — 31 туонна. Бурдукка сиэмэ билигин хаһаайыстыбаларга баарынан 1338 туонна, тиийбэтэ — 3715 туонна. Сиэмэ сыаната үрдээбитэ көстөр, эбиэс сиэмэтэ аҕыйаабыт. Сиэмэни ордук Тюмень уобалаһыттан, Алтай кыраайыттан ылыллар»- диэтэ салайааччы.