22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

2020 сылга Саха сиригэр уопсайа 117 тыһ.кв.м тахса иэннээх хаарбах дьиэни көтүрүөхтэрэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу сылга өрөспүүбүлүкэ 10,2 млрд солк хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ анаата, суруйар СИА.


«Бүгүҥҥү күҥҥэ 262 хантыраак уонна 64 сөбүлэҥ сурук түһэрсилиннэ. Бастакы ырыынакка дьиэ ылыытыгар былааннаммыт 1944 кыбартыыра оннугар 1217 (63%) докумуон баттанна. Иккис ырыынакка 111 кыбартыыра былааҥҥа баарыттан, 55-һэ дьоҥҥо бэрилиннэ», — Ил Түмэн бырабыыталыстыбаннай чааһыгар тутуу миниистирэ Павел Кылатчанов эттэ.

Биэдэмистибэ баһылыга эппитинэн, 610 бас билээччи олорор дьиэлэрин иһин харчынан ыларга баҕалаахтарын биллэрбиттэр. Кинилэргэ анаан 64 сөбүлэҥ суруйсулунна, туолуута — 12%.
Бу сылга былаан быһыытынан — 117,9 тыһ.кв.м., суумата — 10,2 млрд. солк, онтон 8,2 млрд. солк — ОДьКХ уларыта тутууга дьайар пуондатыттан.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА