Уһук Илиҥҥи чэпчэтиилээх ипотека бырагыраамата үлэтин саҕалыаҕыттан, 100 күн иһигэр уопсайа 16 миллиард солкуобай суумалаах 5000 кирэдьиит бэрилиннэ. Бу туһунан ТАСС иһитиннэрэр.
«Кулун тутар 16 күнүгэр Уһук Илиҥҥэ кыбартыыра ылыыга эбэтэр дьиэ туттууга 2 %-наах чэпчэтиилээх ипотека бэриллэн саҕалаабыта оруобуна 100 күн буолла. Бүгүҥҥү күн туругунан «Уһук Илиҥҥи ипотека» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн уопсайа 16 миллиард солкуобайтан тахса суумалаах 5000-тан тахса кирэдьиит дуогабара баттанна. Бырагыраама 2019 сыл ахсынньы 9 күнүгэр тустаах уурааҕынан бигэргэтиллибитэ», — диэн этиллэр.
Чэпчэтиилээх ипотеканы ылыыга уопсайа 20 тыһыынчаттан тахса сайаапка киирдэ. Билигин сайаапканы 12 баан тутар, 2020 сыл муус устар ыйыттан бырагыраамаҕа киирсэр бааннар ахсааннара 14-кэ тиийиэхтээх.
Уһук Илиҥҥи уокурукка чэпчэтиилээх ипотеканы олохтуур туһунан дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2019 сыл балаҕан ыйыгар Уһук Илиҥҥи экономическэй форум кэмигэр иһитиннэрбитэ. Бырагыраама чэрчитинэн эдэр ыаллар алта мөлүйүөн солкуобайга диэри тиийэр суумалаах, 20 сылга диэри болдьохтоох 2 %-наах ипотеканы ылыахтарын сөп.