Премьер-миниистир Дмитрий Медведев тыа сиригэр уонна кыра куораттарга үлэлии барар учууталларга субсидия бэриллиитин бырагырааматын уурааҕар илии баттаата.
Уураахха 50 тыһыынчаны кыайбат нэһилиэнньэлээх пууннарга учууталлыы барбыт дьоҥҥо биир мөлүйүөн солкуобай бэриллиитин быраабылата, суумата, бэрээдэгэ ыйыллар.
Субсидия Россия үөрэхтээһинин министиэристибэтин уонна регион ситэриилээх былааһын уорганын икки ардыгар дуогабарга, үлэ дуогабарыгар олоҕуран бэриллиэҕэ.
2020-2022 сылларга «Земскэй учуутал» бырагыраамаҕа уопсайа 3,596 миллиард солкуобай көрүллүөхтээх.
Былаан быһыытынан бырагыраамаҕа үс сыл иһигэр 4,4 тыһыынча учуутал кыттара күүтүллэр, олортон 2020 сылга — 1,8 тыһ. киһи, 2021 сылга — 1,3 тыһ. киһи, 2022 сылга — 1,3 тыһ. киһи субсидияны ылыахтаах, диэн иһитиннэрэр НВК «Саха».