Өлөөн уонна Үөһээ Бүлүү оройуоннарыгар ойуур баһаарыттан сылтаан, хойуу буруо тэнийдэ. Исписэлиистэр сабаҕалыылларынан, буруо Мииринэй, Ленскэй, Сунтаар, Ньурба оройуоннарыгар тиийэн, Үөһээ Бүлүү оройуонун бэйэтин сабыаҕа, диэн өрөспүүбүлүкэ экологиятын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Авиалесоохрана регионнааҕы диспетчерскай сулууспатын дааннайынан, бэҕэһээ киэһэ буруо соҕуруу хайысханан туруктаахтык көһүүлэрэ бэлиэтэммит.
Дьону буруоттан харыстаналларыгар сүбэлииллэр — кыалларынан аһаҕас сиргэ сылдьыыны хааччахтыырга уонна тыынар уорганнары харыстыыр сириэстибэлэри туһанарга.
Өрөспүүбүлүкэ оперативнай штаба быһыы-майгы сайдыытын бастайааннай хонтуруолга тутар, бары хайысхалаах сулууспалар үрдүк бэлэмнээхтэр.



