Саха сирин үгүс улуустарыгар алтынньы 27 күнүгэр кыра хаар түһэрэ күүтүллэр, хотугулуу-арҕаа — улахан сөҥүүтэ суох. Бу туһунан Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрэр.
Тыал орто, соҕуруу, Халыма уонна Арктика кытылыгар сорох сиринэн 9–14 м/с диэри күүһүрэр, буурҕалаах. Түүн температура -13…-18, халлаан ырааһырдаҕына уонна арҕаа, хотугулуу-илин -20…-25, намыһах сирдэргэ -29…-34, соҕуруу уонна соҕуруулуу-арҕаа сорох сиринэн -9…-14. Күнүс -9…-14, арҕаа уонна хотугулуу-илин -13…-18, намыһах сирдэргэ -19…-24, соҕуруу уонна соҕуруулуу-арҕаа сорох сиринэн -3…-8.
Дьокуускайга түүн -13…-15, күнүс -9…-11. Кыра хаар, хотугулуу-арҕаа тыал 2–5 м/с.



