От ыйын 27 күнүгэр бэлэмнэниллибит 1391,1 туоннаттан тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар 63,5 туоннаны кэбиһэн былааннарын 0,8 бырыһыан, бааһынай хаһаайыстыбалар 360,6 туонналанан былааннарын 3,0 бырыһыан уонна кэтэх сүөһүлээхтэр 715, 0 туоннаны бэлэмнээн сезоннааҕы былааннарын 6,3 бырыһыан толорон иһэллэр. Былырыын баччаларга 3997 туонна оттонон былаан 27,7 бырыһыан этэ. Охсуулаах от ыйбыт бүттэ диэххэ сөп, аны биир нэдиэлэнэн атырдьах ыйа үүнэр. Бу кэмҥэ нэһилиэктэринэн көрдөххө тириэрдиллибит былаан барыларыгар да эриэ дэхси. Арай саамай улахан былааннаах Болугур нэһилиэгэ былаана биир да бырыһыаҥҥа тиийэ илик диэн турар.
Онтон атыттары ыллахха, (скобка иһигэр былаан) Амма -7, 1 бырыһыан (1877 тн), Абаҕа 4,6 (4179 тн), Алтан 4,0 (1638 тн), Амма Наахара 1,9 (1545 тн), Бөтүҥ 2,1 (3086 тн), Болугур 0,5 (4786 тн), Покровка 5,6 (747 тн), Мээндиги 1,6 (766 тн), Сатаҕай 5,1 (2665 тн), Соморсун 7,7 (2840 тн), Сулҕаччы 2,6 (2195 тн), Чакыр -4,7 (2117 тн), Чапчылҕан 1,3 (907 тн), Эмис 3,4 бырыһыан (1981 тн) толорон иһэллэр.



