2026 сыл балаҕан ыйыттан устудьуон ыал уопсай дьиэлэргэ туспа хоһу ылыан сөп, диэн РИА-Новости иһитиннэрэр. Ол туһунан Госдуума депутата Валерий Селезнев кэпсээтэ.
Үрдүк үөрэх кыһалара устудьуон ыаллары олорор хосторунан хааччыйыахтаахтар, кинилэр ахсааннарын саайтка бэчээттиэхтээхтэр уонна сайабылыанньалары көрөргө хамыыһыйа тэрийиэхтээхтэр. Сокуон быһыытынан, устудьуон ыал эдэр дьиэ кэргэн быһыытынан ааҕыллар, иккиэн 35 диэри саастаахтар, эбэтэр орто эбэтэр үрдүк үөрэх бырагыраамаларынан үөрэнэр 35 диэри саастаах соҕотох төрөппүт (иитэ ылааччы).
Туспа хос ыларга үөрэх тэрилтэтигэр сайабылыанньа биэриэххэ уонна үрдүк үөрэх баар куоратыгар үөрэнэрин, онно регистрацията суоҕун, дьиэ суоҕун туоһулуур докумуоннары, ону тэҥэ наада буоллаҕына ыарахан материальнай балаһыанньа туһунан докумуоннары сыһыарыахха наада.
Ону тэҥэ ыал буолуу туоһута уонна оҕо төрөөбүтүн эбэтэр иитэ ылбытын туһунан туоһу ирдэниэҕэ.



