Александра Владимировна Копцева – чааһынай юрист. Дьиэ-уот, сир боппуруостарыгар идэтийэр. Ону тэҥэ, дьиэ кэргэн, нолуок, үлэ боппуруостарынан дьарыктанар, туһанааччылар бырааптарын көмүскүүр.
Сыл аайы ахсынньы 1 күнүгэр диэри үс нолуогу төлүөххэ наада: 1. Тырааныспар нолуога; 2. Дьиэ-уот нолуога; 3. Сир нолуога. Nalog.ru саайтка тус кэбиниэккэ төлөбүр суруктара номнуо кэлэн сыталлар.
Быйыл 2020 сыллаах нолуогу төлүүбүт. Тырааныспар нолуогар үчүгэй да, куһаҕан да уларыйыылар киирдилэр. 2020 сылтан Саха сиригэр олорор элбэх оҕолоох ыаллар тырааныспар нолуогуттан босхолоноллор. Бу чэпчэтиинэн биир төрөппүт биир массыынаҕа туһаныан сөп. 3 мөлүйүөн солкуобайтан тахса сыаналаах тырааныспарга бу чэпчэтии көрүллүбэт.
2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 200 ат күүһүттэн улахан кыамталаах массыыналарга тырааныспар нолуога 2 төгүл үрдүүр. Бу кэлэр сылтан киирэр, быйыл урукку тарыыбынан төлүүбүт. Быйылгы төлөбүргэ гааһынан барар массыыналарга тырааныспар нолуога 50% чэпчэтиилээх буолар. Өскөтүн массыынаҕытын гааска уларыппыт буоллаххытына, нолуок сулууспатыгар докумуоннаргытын ыытаҕыт: тус кэбиниэккэ киирэн, “жизненные ситуации” салааҕа “подать заявление на льготу” диэни баттыыгыт) сайаапка биэрэҕит, “птс”, “стс” сканнарын ГБО туруортарыы туһунан бэлиэтээн ыытаҕыт. Холобур, массыынаҕыт 200 ат күүһүттэн улахан кыамталаах, ол эрээри, быйылгыттан гааһы туруортарбыт буоллаххытына, 50%-наах чэпчэтии көрүллэр. Ол эрээри эһиилгиттэн 2 төгүл үрдүүр, онон билиҥҥи кээмэйигэр төннөр.
Тырааныспар нолуогуттан кимнээх босхолоноллор?
— элбэх оҕолоох ыаллар; — Арктика оройуоннарын олохтоохторо;
— инбэлииттэр уонна инбэлиит-оҕолор сокуоннай бэрэстэбиитэллэрэ;
— ССРС, РФ Дьоруойдара, “Слава” уордьан толору кавалердара;
— 1990 сылга диэри оҥоһуллубут, 150 ат күүһүгэр диэри кыамталаах, Арассыыйаҕа оҥоһуллубут массыыналаах, матассыыкыллаах, мотороллердаах дьон;
— сорох тэрилтэлэр (СӨ “О налоговой политике” сокуон 2-с ыст. 8-с пуунун көрүҥ).
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru