Россия президенэ Владимир Путин байыаннай-спортивнай бэлэмнэнии уонна ыччаты патриотическай иитии кииннэрин тэрийиигэ сорудахтары бигэргэттэ.
Идеяны «Российский союз боевых искусств» бүтүн Россиятааҕы уопсастыбаннай холбоһуктар сойуустара киллэрдэ. Кииннэр туох-ханнык сыаллаах тэриллэллэрин туһунан «Российская газета»-ҕа интервьюну сойуус хос бэрэссэдээтэлэ, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта — РФ президиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев биэрдэ.
Трутнев бэлиэтээбитинэн, «Российский союз боевых искусств» тэрилтэ 17 сылын үлэлиир.
Сиһилии https://ysia.ru/yurij-trutnev-planiruet-sozdat-tsentry-voenno-sportivnoj-podgotovki-v-rossii/