Хотун Ирина Бокова «Олоҥхо дойдутугар аан дойду эпостарын көрсүһүүлэрэ» норуоттар икки ардыларынааҕы иккис эпическэй форум аһыллыытыгар кыттыаҕа диэн edersaas.ru суруйдулар.
Аны сайын Дьокуускайга ыытыллар «Олоҥхо дойдутугар аан дойду эпостарын көрсүһүүлэрэ» норуоттар икки ардыларынааҕы иккис эпическэй форумҥа ЮНЕСКО генеральнай дириэктэрэ хотун Ирина Бокова кэлэрэ күүтүллэр. Бу туһунан олунньу 3 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Арассыыйа Федерациятыгар ЮНЕСКО дьыалаларыгар хамыыһыйа эппиэттиир сэкирэтээрэ Григорий Орджоникидзены кытары Москваҕа буолбут көрсүһүүтүгэр этилиннэ.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит ЮНЕСКО-ны кытта ыкса үлэлэспитэ балачча буолла. Дойду регионнарыттан бастакынан Саха сирэ 1991 сыл олунньу 23 күнүгэр ЮНЕСКО дьыалаларыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай кэмитиэтин тэрийбитэ. ЮНЕСКО саха олоҥхотун тылынан уус-уран нэһилиэстибэлэргэ киһи аймах бастыҥ айымньытынан билиммитэ.
Көрсүһүүгэ ЮНЕСКО эгидатынан Саха сиригэр ыытыллар икки бырайыак тула кэпсэтии буолла. «ХVII үйэ-ХХ үйэ саҥатыгар аан дойду мусуойдарыгар Саха сирин норуоттарын материальнай уонна духуобунай култууралара» системнай каталогу бэчээттээн таһаарыыга болҕомтону уурдулар. Каталокка киириэхтээх сэдэх экспонаттары түмүүгэ Британия мусуойугар, Америка естественнэй историятын, Кембриджкэ Гарвард университетын Пибоди археологияҕа уонна этнологияҕар, Смитсоннааҕы университет мусуойдарыгар, Франкфуртааҕы-Майн аан дойду култууратыгар мусуойугар, Берлин, Штутгарт, Лейпциг, Бремен уонна Европа атын мусуойдарын кытта ситимнээхтик үлэ барар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо иккис уон сылын бэлэмнээн уонна тэрийэн ыытар Национальнай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков «Аан дойду норуоттарын эпостара» кинигэ сериятыгар үлэ хаамыытын туһунан билиһиннэрдэ. 2015 с. «Манас» диэн кыргыз эпоһа сахалыы, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» кыргызтыы тылбаастаммыттара. Билигин алтайдар «Маадай Кара» эпостарын тылбаастааһыҥҥа үлэ барар, оттон саха олоҥхото алтайдыы саҥарыаҕа. Салгыы татаар, башкир, бурят, тыва, финн, о.д.а. омуктар эпостара хардарыта тылбаастаныахтара. Григорий Орджоникидзе бу бырайыак аан дойду эпическэй нэһилиэстибэлээх норуоттарын чугасаһыннарар улахан суолталаах ЮНЕСКО уонна Саха сирэ кыттыһан оҥорор бырайыактара диэн бэлиэтээтэ.
Салгыы Александр Жирков и Григорий Орджоникидзе бу сайын от ыйыгар Дьокуускайга «Олоҥхо дойдутугар аан дойду эпостарын көрсүһүүлэрэ» норуоттар икки ардыларынааҕы иккис эпическэй форуму тэрийии туһунан кэпсэттилэр. Бастакы форум 2015 сыллаахха Дьокуускайга аан дойду биллэр эпосоведтарын, толорооччуларын түмпүтэ. Форум үлэтэ улахан кэрэхсэбили ылбыта, онон Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо иккис уон сылын тэрийэр кэмитиэт үлэтин биир сүрүн хайысхатын быһыытынан икки сылга биирдэ регионнарга уонна Россия тас өттүгэр ыытарга быһаарыллыбыта.
Барыллаан кэпсэтиинэн «Олоҥхо дойдутугар аан дойду эпостарын көрсүһүүлэрэ» норуоттар икки ардыларынааҕы иккис эпическэй форум аһыллыытыгар ЮНЕСКО генеральнай дириэктэрэ хотун Ирина Бокова кэлэрэ күүтүллэр.
Александр Жирков Олоҥхо аан дойдуга киһи аймах бастыҥ айымньытынан 2005 сыл сэтинньи 25 күнүгэр биллэриллибитин кэнниттэн 2006 сыллаахха от ыйыгар ЮНЕСКО ол саҕанааҕы генеральнай дириэктэрэ тойон Коитиро Мацуура кэлэ сылдьыбытын санатта. Бу сырыы түмүгүнэн 2006 сыл от ыйын 24 күнүгэр ЮНЕСКО уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин икки ардыларыгар коммюнике түһэрсиллибитэ. 2014 сыл муус устар 21 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ Егор Борисов уонна ЮНЕСКО генеральнай дириэктэрэ Ирина Бокова холбоһуктаах коммюникеҕа илии баттаабыттара.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин спикерэ Александр Жирков уонна ЮНЕСКО генеральнай дириэктэрэ хотун Ирина Бокова официальнай көрсүһүүлэрэ 2014 сыл ахсынньыга Санкт-Петербург куоракка Петербурдааҕы III норуоттар икки ардыларынааҕы култуура форумун кэмигэр буолбута. ЮНЕСКО генеральнай дириэктэрэ Саха сирэ аан дойду уонна регион таһымыгар олоххо киллэрэр гуманитарнай бырайыактарын биһирээбитэ.
Александр Жирков уонна Григорий Орджоникидзе ЮНЕСКО генеральнай дириэктэрэ от ыйыгар Саха сиригэр сырыытын барыллаан графигын уонна бырагырааматын дьүүллэстилэр.
Хаартыскаҕа: (уҥаттан хаҥас) РФ ЮНЕСКО дьыалаларыгар хамыыһыйатын эппиэттиир сэкирэтээрэ Григорий Орджоникидзе, ЮНЕСКО генеральнай сэкирэтээрэ Ирина Бокова, Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков, ЮНЕСКО-ҕа РФ бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Элеонора Митрофанова, Россия Художестволарын академиятын президенэ Зураб Церетели Санкт-Петербурга норуоттар икки ардыларынааҕы култуура форумун кэмигэр, 2014 с. ахсынньы.