Баччаҕа диэри “Дьокуускайдааҕы уматык-энергетическая компания” (“ЯТЭК”) бензини уонна сэлээркэни атыылаан кэллэ. Дьокуускайга уонна улуустарга баһаам АЗС-таах. Аны бизнеһин кэҥэтэн кини массыыналары пропан-бутанынан (айылҕа гааһа) сапыраапкалыыр буолла. Бу ырыынакка конкуренцияны күүһүртэ.
Бүгүҥҥэ диэри барыларын түмэн аахтахха, Дьокуускай куоракка пропан-бутан 10-ча сапыраапката баара. Хампаанньалар бары тус-туспа сыананы туруораллар, 1 лиитирэ сыаната 17-18,5 солк. халбаҥныыр.
“Сахатранснефтегаз”
“Газомоторка” ырыынагар сүрүн оонньооччу “Сахатранснефтегаз” (“СНТГ”) этэ (тохсунньуга диэри). Дьокуускай үрдүнэн 4 (Бүлүү, Нам суолларыгар, Автодорожнай улуссаҕа, хайа үрдүгэр) станциялаах. “СТНГ” 18-тыы солкуобайга атыылыыра. Саамай чэпчэки сыаналаах буолан, уочарат барыта кинилэргэ субуллара. Уочараттыыр иллэҥэ суох эрэ киһи атын чааһынайдарга барара. Олорго 18,5 солк этэ.
“ЯТЭК” демпинг оҥорон, сыанатын “СТНГ” киэнинээҕэр чэпчэтэн, 17 солк. атыылыырга күһэлиннэ (бадаҕа, 15-тии гынарга илиитэ барбата).
2 солкуобай дэгэтэ
Билигин уочарат “ЯТЭК” сапыраапкаларыгар субуллар буолла. “СТНГ”-тан 2 эрэ солкуобайынан араастаһар диэххэ сөп эрээри, ити элбэҕи куттааччыларга хармааннарыгар биллэ охсуулаах. Холобур, маршрукка сүүрэр ПАЗ автобус боллуонугар 190 л куттар, джип — 90, кыра массыына – 50. Ортотунан, джиби ылыахха, 90 лиитирэтин аайы 2-лии солк барыһырдаҕына, уопсайа 180 солк барыһырар. Бу 180 солкуобайыгар кини эбии 12 лиитирэ гааһы куттуон сөп. “Джиптээхтэр — баайдар, мөһөөх аҕыс уону аахсаллар үһүө!” – диэххит эрээри, ити букатын олоҕо суох. Баайдар харчыны ааҕар буолан байаллар. Биирдэ эмэ гаас сапыараапкатыгар турар массыыналар мааркаларын болҕойоор уҥ эрэ, “Ленд-Крузер-200”, “Лексус-200” курдуктар уочараттаан турар буолуохтара…
“Ырыынактан таһаара сатыыллар”
Боппуруоһу быһаарсаары “Сахатранснефтегаз” тэрилтэҕэ сибээскэ таҕыстыбыт.
Сергей Вальковскай, Дьокууускайдааҕы гааһы переработкалыыр собуот кылаабынай инженерэ:
— “ЯТЭК” сыананы, кырдьык, түһэрдэ. Биһигини моҥкурууттатан, газомоторка ырыынагыттан таһаара сатыыллара өйдөнөр. Кинилэр сыананы демпиннээбиттэригэр, биһиги эмиэ түһэрэргэ күһэлиннибит. Сапыраапкаларбытыгар лиитирэтин 18 солкуобайтан 17-ҕэ түһэрдибит. Оттон кууһунан атыылаһааччыларга тоннатын 26000 солк. атыылыы олорбут эбит буоллахпытына, 22000-ҕа диэри түһэрдибит. Чааһынайдар бары биһигиттэн эбэтэр “ЯТЭК”-тан кууһунан атыылаһаллар. Салгыы хайдах дьаһаныахпытын тэрилтэбит чөмчөкөлөрө быһаарыахтара. Хайа да тэрилтэ иккиэн Орто Бүлүү гааһын туһанабыт — “ЯТЭК” да, “СТНГ” да. Переработкабыт эрэ араас.
Кинилэр собуоттара ситэ хааччыйбат
Владислав Ким, “ЯТЭК” коммерческай дириэктэрэ:
-Бэйэбит хостуур, бас билэр гааспыт, ол иһин сыанабыт чэпчэки – 15 солкуобай. Биһиги бу бырайыакпытын кими баҕарар (чааһынай да, судаарыстыбаннай да) кыттыһыннаран сайыннарыахпытын сөп. Дьокуускайдааҕы гааһы переработкалыыр собуокка сылга 15000 тонна пропан-бутан оҥоһуллар. Бу олохтоох наадыйыыны ситэ хааччыйбат. Газомоторка – сайдан иһэр ырыынак, номнуо бүгүн дьон сылга 20000-ҕа наадыйар буолла. Инникитин наадыйыы 60000-ҕа тиийиэ диэн аахтыбыт. Онон, биһиги Саха сиригэр гаас ырыынага сайдан иһэригэр интэриэстээхпит.
“ЯТЭК” уонна “СТНГ” сыһыаннара
Бу икки бөдөҥ хампаанньа алтыспыттара ыраатта. Сыһыаннара билиҥҥитэ үчүгэй. Массыынаны сапыраапкалааһын бу бөдөҥ “уолаттар” үлэлэригэр ылгын чыҥыйаларын эрэ кээмэйин ылара буолуо. Сүрүн үлэлэрэ – өрөспүүбүлүкэ дьиэлэрин гааһынан сылытыы. “ЯТЭК” Орто Бүлүүтээҕи гаас саппааһын бас билэр, хостуур, атыылыыр. Өрөспүүбүлүкэ гааһын монополиһа диэххэ сөп. Били, эстибит “Якутгазпром” миэстэтин ылбыта. Толору монополия буолуон, Дьокуускайга тиэрдэр турбата суох. Орто Бүлүүтээҕи гаас айаннаан кэлэр турбатын “СТНГ” бас билэр. Онон, туспа монополия. Ол оннугар, мантыбыт гаас саппаастаах сирэ суох (ыраах Ленскэйгэ баар). Уобарастаан эттэххэ, Михалков-Кончаловскай курдук быраттыы-конкуреннар.
Саҥа дириэктэр
”ЯТЭК” хампаанньаны түөрт сыл салайбыт Заирбек Юсупов соторутааҕыта уурайан барда. Тэрилтэни бэркэ сайыннарда дииллэр. Кинини солбуйа аны Рубен Геворкян диэн менеджер кэллэ. “ЯТЭК” хампаанньа “Экогаз” сапыраапкатын аһыллыытыгар, чуолаан, Геворкян сылдьбыта.
Түмүк
“ЯТЭК” бу бүгүҥҥү демпиннээһинэ, мин көрүүбэр, хапыталыыстар классическай сценарийдарынан барыаҕа. Күрэстэһээччитин — “СТНГ” хампаанньаны — оонньууттан таһаардаҕына (оннук буолуо даҕаны, ким да “СТНГ” куттубат буоллаҕына), “ЯТЭК” сыанатын кэлин син биир ыаратыа диэн сабаҕалыыбын.
Бүгүн “СТНГ” хампаанньаны уочарат эрэ быыһаан олорор. “ЯТЭК” куоракка 2 эрэ сапыраапкалаах. Онно өрүү уочарат. Ыксаабыттар “СТНГ” кутта бараллар. Холобур, “ЯТЭК” куорат араас туочукаларыгар сүүрбэччэ сапыраапканы ыһан кэбистэҕинэ, клиеннэр бары (!) киниэхэ кэлиэхтэрэ.
Манна даҕатан
Тоҕо көһөллөрүй?
Техниканы гаас уматыкка көһөрүү сыаната 50-60 тыһ. солк. Элбэхтик айанныыр киһи ороскуотун түргэнник, аҕыйахта айанныыр киһи — бытааннык сабынан барыыска үлэлээн барар.
Гаас бензиннээҕэр сыаната үс бүк чэпчэки. Бензин сыаната ыарыырын туох да тохтоппотун дьон өйдөөтө (нефть баррелын сыаната икки бүк түспүтүгэр, Дьокуускайга бензин биир солкуобай да чэпчээбэтэҕэ). АИ-95 лиитирэтэ 50 солкуобайга ыган кэллэ. “Массыына мотуоругар буортулаах үһү” дииллэрэ – бензин сапыраапкалара ыытар сымыйа сурахтара. Иккиһинэн, экология. Гаас — экология өттүнэн ыраас уматык. Экология тула кэпсэтии кэлин өссө күүһүрдэ, хас биирдии киһи ийэ айылҕа туһунан толкуйданара элбээтэ.
Ыспыраапка
Ким хаһаайыный?
“ЯТЭК” ААО устааптаах хапытаалын 82,06%-ын бизнесмен Зиявудин Магомедов «Инвестор» тэрилтэтэ бас билэр. Ордугун —«Наутилус» ХЭТ (Москва) — 8,53%, кипрдааҕы Rantecho Investments Ltd — 7,5%.
Устааптаах хапытаала (сыаната – П.Б.) – 826,9 мөл. солк.
«Сахатранснефтегаз» ААО акцияларын 100%-нын Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бас билэр (СӨ Баайга-дуолга, сиргэ-уокка сыһыаннаһыы министерствотын нөҥүө).
Устааптаах хапытаала — 11,9 млрд солк.