30 Алтынньы 30.10
  • -17°
  • $ 97,33
  • 105,44

Ыанньыксыттар күрэхтэһиилэригэр Александр Громов бастаата

10:43, 12 июля 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Амма улууһун Абаҕатыгар “Илгэ” ХЭТ (салайааччы Василий Тимофеев) Дьаам сайылыгар от ыйын 5-6 күннэригэр икки сылга биирдэ ыытыллар ыанньыксыттар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэрэ буолан ааста.


“Илгэ” бу сайылыгы 2015 с. бэйэтин күүһүнэн саҥардыбыта, ол иннинэ “Туймаада» ҮАПК чэрчитинэн 240 ынахха анаммыт комплексы үлэҕэ киллэрбитэ. Онно Алтайтан сүүс ынаҕы аҕалан, элбэх үүтү ыыр, племенной үлэни кыайа-хото тутан ыытар.

Артем Александров, тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин сүөһүнү иитиигэ итиэннэ племенной үлэҕэ департаменын салайааччы:

— Таһаарыылаах үлэлээх хаһаайыстыба уопутун тарҕатар сыалтан министиэристибэ ыанньыксыттар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэрин быйыл Абаҕаҕа ыытарга былааннаабыта. Амма улууһун дьаһалтатын кытары кыттыһан, 35-һиттэн үөһэ саастаахтар хамаанданан күрэхтэһиилэригэр сүрүн бириискэ УАЗ-фермер массыынаны туруорбута. Уон үс улуустан 22 хамаанда, 68 кыттааччы күөн көрүстэ, ол иһигэр ааспыт өттүгэр кытта илик Өймөкөөн улууһуттан кэлбиттэр. Ити ыарахан үлэлээх ыанньыксыт идэтэ сыаналанан, кыттааччы ахсаана сыллата элбээн иһэрин көрдөрөр. Күрэхтэһии үс түһүмэҕинэн ыытылынна. Бастакыта – ынаҕы аппараатынан ыаһын. Манна ыанньыксыттар санитарнай ирдэбиллэри тутуһан, ынаҕы ыан көрдөрөллөр. Иккис түһүмэххэ теоретическай билии тургутугун толороллор. Үһүскэ аппарааты ыһарга, хомуйарга күрэхтэһэллэр.

Түмүккэ, муҥутуур кыайыылааҕынан “Нөмүгү” агрофирма массыынанан ыаһыҥҥа оператора Александр Громов (Хаҥалас) буолла. Иккис миэстэни “Тумул” ТХПК ыанньыксыта Антонина Верховцева (Мэҥэ Хаҥалас), үсүһү “Бөтүҥ” ТХПК ыанньыксыта Саргылаана Борисова (Амма) ыллылар.

Хамаанданан күрэхтэһиигэ 296,06 бааллаах «Илгэ» хамаандата (Матвей Устинов, Анна Устинова, Нина Устинова) муҥутуур кыайыылааҕынан тахсан, УАЗ-фермер массыына күлүүһүн тутта! Бастакы миэстэҕэ “Болугур” ТХПК (Артур Таппыров, Туйаара Иванова, Екатерина Кузьмина), иккискэ “Кладовая Олекмы” ХЭТ (Дмитрий Мамонтов, Людмила Нутчина, Людмила Бояркина), үһүс миэстэҕэ “Күндээдэ” АУо (Раиса Михайлова, Людмила Григорьева, Светлана Бассанова) тигистилэр.

Эдэр ыанньыксыттарга “Нөмүгү” агрофирма (Мария Саввина, Екатерина Аммосова, Анна Слепцова) бастаата, “Тумул” кэпэрэтиип (Туйаара Десяткина, Татьяна Десяткина, Радмира Громова) иккис, Уус Алдантан «Борисова» б/х (Дмитрий Готовцев, Ньургуйаана Борисова, Александра Шапова) үһүс буоллулар.

Күрэхтэһии биир уратытынан, биллиилээх ыанньыксыттар (Россия АПК-тын бочуоттаах үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Аграфена Сутакова, “Үлэ Албан аата” уордьан толору кавалера, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Владимир Михайлов, III степеннээх «Үлэ Албан аата», «Хотугу сулус» уордьаннар кавалердара, тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Павел Шарин) итиэннэ “Саха-Стиль”, “Нөмүгүтээҕи килиэп собуота”, “Хатастааҕы сибиинньэ кэмбинээтэ” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыбалар, “Туймаада” ҮАПК ГУТ, “Туймаада-Лизинг” АУо, “Сахакирэдьиит” кэпэрэтиип, СГТХА, “Сахаплемхолбоһук” ААУо, “Россия аграрнай баартыйата” политическай баартыйа Саха сиринээҕи салаата анал бириистэр туруорбуттара буолла. Онон ыанньыксыттар сыралара сиэрдээхтик сыаналанна. АПК үлэһиттэрин идэлээх сойууһа кыайыыга дьулуурдарын иһин Елизавета Никифороваҕа (Сунтаар, “Кириэстээх” ТХПК), Данил Григорьевка (“Агрогорнай” ХЭТ), Лариса Лукинаҕа (Хаҥалас, “Бөртө” сылгы собуота), Александра Новоприезжаяҕа (Уус Алдан, “Лена” ТХПК), Захар Винокуровка (Нам, “Дьөһөгөй” б/х), Василий Фомиҥҥа (Мэҥэ Хаҥалас, “Хорообут” ХЭТ) “Бэс Чагда” санаторийга сынньанар путевкалары туттарда!

Күрэхтэһии бэрт тэрээһиннээхтик ыытылынна. Хамаандалар үлэлэрин-хамнастарын сырдатар матырыйааллардаах, анал пуормалаах, ырыа-тойук кэһиилээх, илии-атах оонньуутун күрэхтэһиитигэр бэлэмнэнэн кэлбиттэр.

Үгэс курдук, кыайыылаахтар Россия таһымнаах күрэхтэһиигэ кытталлар. Быйыл сүүрбэ алтыс төгүлүн ыытыллар ыанньыксыттар Бүтүн Россиятааҕы күрэхтэһиилэрэ Мордовияҕа балаҕан ыйыгар былааннанар. Онно Саха сириттэн түөрт ыанньыксыт, ол иһигэр Александр Громов итиэннэ “Илгэ”, “Болугур”, “Кладовая Олекмы” хаһаайыстыбалартан биирдии ыанньыксыт өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскүөхтэрэ. Урукку өттүгэр биһиги ыанньыксыттарбыт куһаҕана суохтук кыттан, анал номинацияларга тиксэн кэлэллэрэ. Быйыл да ол үгэс тутуһалларыгар эрэнэбит.

Аныгыскы күрэхтэһии аны икки сылынан Ньурба Күндээдэтигэр ыытыллара итиэннэ сүрүн бириискэ “МТЗ” тыраахтар туруоруллара быһаарылынна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар