30 Алтынньы 30.10
  • -17°
  • $ 97,33
  • 105,44

Ыам ыйын 24 күнэ. Өймөкөөҥҥө хаардаах сарсыарда

09:13, 24 мая 2023
Текст:
Хаартыска: Өймөкөөн Сэмэнэ
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өймөкөөн улууһун «Северная заря» хаһыат телеграм-ханаалыгар Семен Сивцев — Өймөкөөн Сэмэнэ бу сарсыарда олохтоохтору халыҥ хаар көрсүбүтүн кэпсиир видеотын таһаарда.

«Өймөкөөҥҥө ыам ыйынааҕы хаардаах сарсыарда» диэн бэлиэтээһин суруллубут.

Сэмэн хаар билигин ууллан эрэрин СИА-ҕа кэпсээтэ, хаартыскаларын ыытта.

Хаартыска: Дуся Вензель

Өймөкөөн олохтооҕо, пиэрмэр Дуся Вензель бу сарсыарда турбуттарыгар кинилэри хаар уруйдуу көрсүбүтүн кэпсээтэ. «Сайыммыт кэлбэт үһү», — диэн айылҕа дьиктитин үөрэ-көтө кэпсээтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА