Кини эппитинэн, резидент ахсаана 940 киһиэхэ диэри улаатта. Билигин 175 хампаанньа үлэлиир, уопсай үбүлээһини киллэрии 3 млрд 812 мөл солк. Нолуогу төлөөһүн 217 мөл солк диэри эбилиннэ. Хампаанньалар бэйэлэрин бырайыактарын киэҥ араҥаҕа таһаарыыларыгар 445 мөл солк киллэрдилэр. 2024 сылга Технопаарка саҥа 36 бырайыагы үлэлэттэ.
Анатолий Семенов эппитинэн, «Якутия» технопаарка уопсастыбаҕа көдьүүстээх боппуруостары быһаарыыга үлэлиир, араас эйгэҕэ инновацияны киллэрэр: доруобуйа харыстабыла, үөрэҕирии, бырамыысыланнас, авиация.
«Анал байыаннай дьайыы ыҥырыытыгар хоруйдары биэриигэ технопаарка резиденнэрэ байыаннай сулууспалаахтар наадыйыыларынан табаары оҥорон таһаараллар, ол иһигэр антитепловизионнай көстүүм, техника бүрүөһүнэ, беспилотниктар, ыстаалтан оһохтор уонна да атын олус суолталаах технологиялары», – диэтэ вице-премьер.