Ыһыахтар Саха сирин бары нэһилиэнньэлээх пууннарыгар үгэскэ кубулуйбут киэбинэн ыытыллыахтара. Регион сүрүн бырааһынньыгын тохтотууга эбэтэр болдьоҕун көһөрүүгэ биричиинэ суох. Ол туһунан «Якутия, вперед!» биэриигэ Ил Дархан Айсен Николаев эттэ, суруйар СИА.
«Ыһыахтар быйыл урукку курдук түһүлгэлэргэ түмсүүлээхтик ыытыллыахтара. Тохтоторго, болдьоҕун көһөрөргө биричиинэ суох. Норуот маассабай кыттыыны ылыаҕа дии саныыбын», — диэтэ Айсен Николаев.
Регион баһылыга бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо улахан бырааһынньыктары аҕыннылар.
«Саха сирин олохтоохторо 1 маай демонстрацияларыгар күргүөмүнэн таҕыстылар. Кыайыы күнүгэр элбэх киһи кытынна. Бу, биллэн турар, пандемийнай олохтон төннүү. Сорох хааччахтааһыннар хаалаллар, ити эрээри олор да сотору кэминэн уһуллалларыгар эрэллээхпин», — диэтэ кини.
Эрдэ биллибитинэн, Туймаада ыһыаҕа бэс ыйын 24-25 күннэригэр буолаллар.