Сэтинньи 8 күнүттэн Владивостокка «Я Могу!» Бүтүн Арассыыйатааҕы пуорум үлэтин саҕалаата диэн «Саха сирэ» суруйар.
Пуорум үлэтэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһүү боппуруостарыгар ананар. Бу #МЫВМЕСТЕ бырайыак чэрчитинэн, Бэрэсидьиэн граннарын пуондатын өйөбүлүнэн, Волонтердар кииннэрин ассоциацията тэрийбит.
— Пуорум бары кыттааччыларыгар махтаныахпын баҕарабын. Эһиги баар буолан, байыастарга туоннанан таһаҕас таһыллар, дьиэ кэргэттэригэр уонна госпиталларга көмө оҥоһуллар. Ыччаппыт балаһыанньаны өйдөөн, дойдуларын көмүскээччилэргэ көмөлөһөргө, үтүө дьыаланы оҥорорго дьулуһара үөрдэр. Бу курдук күүстээх уопсастыба оҥоһуллар — бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөн, ытыктаһан, үлэлээн, — диэн университет ректора Борис Коробец эҕэрдэлээтэ.
Манна федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи эспиэрдэр кыттыылаах улахан үөрэтэр бырагыраама баар буолуоҕа. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар мэдиссиинэ, уйулҕа өттүнэн көмө, дьиэ кэргэттэрин кытта үлэ, нуорма, сокуон аахталара, о.д.а. боппуруостар таарыллыахтара. Социальнай технологиялар мастарыскыайдарыгар бырайыактары, араас ньымалары үөрэтиэхтэрэ.
Эрэгийиэннэртэн кэлбит бастыҥ ньымалары талан, атыттарга тарҕатар үлэ торумнаныаҕа. Добро.Университет сервис платформатыгар үөрэтэр онлайн-куурус оҥоһуллуоҕа.
Пуорум сэтинньи 11 күнүгэр диэри ыытыллар. Саха сириттэн эмиэ баран, кытта сылдьаллар. Саха сирин уопута атын эрэгийиэннэргэ тарҕаныан сөп.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата