22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Владимир Путин Саха сирин демографиятын хайҕаата

14:33, 30 мая 2023
Текст:
Фото: Кремль.ру
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Москваҕа Россия президенэ уонна Саха сирин Ил Дархана дьыалабыай көрсүһүүлэрэ буолла. Владимир Путин региоҥҥа демография бэлиитикэтин түмүгүн бэлиэтээтэ, бу салалта быһаарыыларын көрдөрүүтэ буоларын тоһоҕолоото.

«Мин, биллэн турар, бу үчүгэй көрдөрүүнү билэбин, бырамыысыланнаска, тыа хаһаайыстыбатыгар, тутууга эмиэ бааллар. Ити эрээри саамай үөрдэрэ — дойдуга орто көрдөрүүгэ тэҥнээтэххэ Саха сиригэр нэһилиэнньэ улаатыыта үрдүк. Бу, биллэн турар, өрөспүүбүлүкэҕэ оҥоһуллар холбоһуктаах дьаһаллар», — диэтэ Владимир Путин.

Айсен Николаев эппитинэн, бу Уһук Илиҥҥэ ыытыллар бэлиитикэ түмүгэ. «Саха сирэ дойдуга сэттис, Уһук Илиҥҥэ бастакы миэстэҕэ турар, оҕо төрөөһүнүн ахсаанынан. Саамай сүрүнэ — дьон көһүүтэ тохтоото. 2018 сыл ыам ыйыгар биһиэхэ 960 тыһ киһи олороро, билигин 996 тыһ буоллубут. Саха сиригэр мөлүйүөн ахсаанынан төрүүр киһини күүтэбит. Дьиэ кэргэни өйүүр дьаһаллары ыытабыт. Ааспыт сыл Ийэ сылынан биллэриллибитэ. Былырыын Саха сиригэр төрөөбүт оҕоҕо, ийэ хапытаалын курдук, 100-түү тыһ солк биэрбиппит. Нэһилиэнньэ сөбүлээбитэ, онон бу бэлиитикэни өссө биэс сыл уһатар былааннаахпыт», — диэтэ Айсен Николаев.

Сиһилии https://ysia.ru/vladimir-putin-otmetil-blagopriyatnuyu-demograficheskuyu-situatsiyu-v-yakutii/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА