22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Владимир Путин: Медицина тэрилтэлэрэ тохтоло суох көмөнү оҥороллор

20:26, 23 декабря 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Владимир Путин пресс-конференциятыгар пандемия саҕаланыытыгар былааннаах медицина көмөтө балыыһаларга атахтана сылдьыбытын эттэ. Ити эрээри правительство суһал дьаһалларынан уонна медицина тэрилтэлэрин чуолкай үлэтинэн, кыһалҕа туоратыллыбыта. Билигин нэһилиэнньэ тохтоло суох көмөнү ылар, СИА суруйар. 

«Сорох медицина тэрилтэлэрин, COVID-19 ыарыһахтарга куойка миэстэтин таһаарар сыалтан, уларыта тутуллубута. Ол иһин пандемия саҕаланыытыгар былааннаах көмө атахтана сылдьыбыта. Уопсай практика быраастара хайысхаларын уларыппыттара, ыарыһахтар маршруттара уларыйбыта, былааннаах көмөнү оҥорор сыалтан. Кыһалҕа элбэх этэ. Билигин ити боппуруостар быһаарылыннылар. Уопсайынан күүһү хомуйан, тирээбит кыһалҕаны утары үлэ барбыта», — диэтэ Владимир Путин.

Кини бэлиэтээбитинэн, билигин доруобуйа харыстабылын биир хайысхатынан — коронавирус кэннэ доруобуйаны чөлгө түһэриини ыытыы.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА