Дойдуга авиакөтүүлэр дьоҥҥо ордук тиийимтиэ буолуохтаахтар. Ол туһунан Владимир Путин РФ федеральнай мунньахха туһаайыытыгар эттэ.
«Авиакөтүүлэр дьоҥҥо ордук тиийимтиэ буолуохтаахтар. Алта сылга 75 аэропорт инфраструктуратын модернизациялыахтаахпыт. Бу Россия аэропортарын ситимнэрин үс гыммытыттан элбэх. Олохтоох сөмөлүөттэринэн салгын пааркатын саҥардыахтаахпыт. Бары ирдэбиллэргэ эппиэттиэхтээхтэр. Судургута суох сорук, олус элбэҕи кыраныысса таһыттан ылан олорбуппут, бэйэбит оҥорон таһаарыыбытын сайыннарбатахпыт», — диэтэ президент.