«Бүлүү» массыына тыраассатыгар икки улахан уонна икки оҕо тайаҕы видеоҕа уһуллулар. Өрөспүүбүлүкэ экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, региоҥҥа 2019 сылтан тайах ахсаана элбээбитэ бэлиэтэнэр. Ол курдук, 2019 сылга тайах ахсаана 104,9 тыһыынча эбит буоллаҕына, 2022 сылга-125,9 тыһыынча буолбут.