23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Василий Никитич Протодьяконовы кытта бырастыыластылар

10:21, 19 сентября 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Балаҕан ыйын 15 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин уопсастыбаннаһа, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет ыар сүтүктэннэ. Бу күн Арассыыйа Федерациятын үрдүкү анал үөрэҕин уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, П.А. Ойуунускай аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Василий Никитич Протодьяконов ыарахан ыарыыттан күн сириттэн барбыта.


Василий Никитич Протодьяконовы кытта бырастыылаһыы балаҕан ыйын 18 күнүгэр М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр буолла.

В.Н. Протодьяконов – М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет, Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун саха литературатыгар кафедратын доцена, Арассыыйа Федерациятын үрдүкү анал үөрэҕин бочуоттаах уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, П.А. Ойуунускай аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет бочуоттаах бэтэрээнэ, Таатта улууһун ытык киһитэ, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, учууталлар учууталлара.

Василий Никитич 1962 сыллаахха М.К. Аммосов аатынан Саха Государственнай университетын саха салаатын бүтэрээт, олоҕун тухары саха литературатын кафедратыгар преподавателынан үлэлээбитэ. Өр кэмҥэ саха литературатын, саха литературнай кириитикэтин историятын уонна оскуолаҕа саха литературатын үөрэтии методикатын үөрэппитэ. Саха Государственнай университетын саха салаатын устудьуоннара сүгүрүйэр, таптыыр уонна ытыктыыр уһуйааччылара этэ.

Василий Протодьяконов П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай драматическай тыйаатырын үлэтигэр тылбаасчыт уонна тыйаатыр кириитигин быһыытынан куруук кыттааччы. Кини суруйбут сценарийынан П.А. Ойуунускай олоҕун уонна айар үлэтин сырдатар “Үс саха төрүөҕэр…” диэн испиктээк бүтүн Арассыыйаҕа биһирэммитэ. Үс томнаах “Саха тыйаатырын антологията” диэн үлэни суруйсубута. Маны таһынан, норуокка киэҥник биллэр “Ньургуһуннар”, “Саха ырыата” диэн ырыалар матыыптарын айбыта.

Василий Никитич Протодьяконов чинчийээччи быһыытынан саха норуотун классик-суруйааччыларын айар үлэлэрин үөрэтиинэн утумнаахтык дьарыктаммыта. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэчээтигэр кини научнай ыстатыйалара үгүстүк бэчээттэммиттэрэ. Кини этиилэрэ, суруйбут ыстатыйалара сахалыы тыыннаахтарынан, сонун көрүүлээхтэринэн биллэллэр. 1920-1930 сыллардаахха репрессияҕа түбэспит саха интеллигенциятын үтүө ааттарын тилиннэриигэ, саха норуотун историятыгар дьиҥнээх миэстэлэрин булларарга, саха историятын чөлүгэр түһэрэргэ, биһиги төрүт үгэстэрбит салҕаналларыгар улахан кылааты киллэрбитэ. Ураты личность, талааннаах киһи буолан бииргэ үлэлиир дьонугар, устудьуоннарыгар кэрэни, сырдык-үтүө санааны үөскэтэрэ. Биһиги норуоппут олоҕун тыын боппуруостарыгар көхтөөхтүк, төлөннөөхтүк кыттыы – Василий Никитич тус олоҕун дьулуура, үөрэппит ыччатыгар ииппит, иҥэрбит аман өһө буолар.

Василий Никитич Протодьяконовы кытта бырастыылаһыыга Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэһитэ Михаил Николаев кытынна. Василий Никитич саха норуотун историятын чөлүгэр түһэриигэ, саха интэлигиэннэрин сырдык ааттарын үйэтитиигэ, саха литературатын, культуратын, искусствотын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын туһунан санаатын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков санаатын үллэһиннэ. Кини олоҕун туһунан үөрэнээччитэ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун бэрэпиэссэрэ, тыл үөрэҕин дуоктара Гаврил Филиппов сырдатта. Үрдүк үөрэх кыһатыгар үлэтин-хамнаһын, ситиһиилэрин М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ректора Евгения Михайлова кэпсээтэ.

Маны таһынан Василий Никитич Протодьяконов бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ, үөлээннээхтэрэ, доҕотторо, биир дойдулаахтара Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэһитэ, Саха тыйаатырын уус-уран салайааччыта Андрей Борисов, медицина наукатын кандидата, “Алампа” көҥүл түмсүү түсчүтэ, ырыа айааччы Виталий Андросов, география наукатын кандидата, бэрэпиэссэр Иннокентий Жирков, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, филологическай наука кандидата, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Михаил Алексеев – Дапсы, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун саха литературатын кафедратын салайааччыта Валентина Семенова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Елена Слепцова – Куорсуннаах, Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччы Мирон Эртюков, сиэн быраата Михаил Протодьяконов бэйэлэрин ахтыы-санааларын үлэһиннилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА