Польша аатырбыт тириэньэрэ Феликс Штамм кэриэһигэр боксаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга Арассыыйа чиэһин 52 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа биир дойдулаахпыт Василий Егоров көмүскүү сылдьар.
Василий бастакы киирсиитигэр рингэ хаһаайынын Мазиж Йозвигы 4:1 ахсаанынан баһыйа туппута. Бэҕэһээ Германия биэс төгүллээх чөмпүйүөнэ, Рио-де-Жанейротааҕы Олимпийскай оонньуулар кыттыылаахтара Хамза Тубаны кытта күөн көрүстэ. Икки уопуттаах боксердар тэҥ киирсиилэрэ 3:2 ахсаанынан саха спортсменын туһатыгар түмүктэннэ.
Онон Василий сарсын, кулун тутар 15-гэр, филиппинец Ян Кларк Баустистаны кытта көрсүөҕэ. Соҕуруулуу-Илиҥҥи Азия Оонньууларын призера бу иннинэ Давид Алавердяны (Израиль) эмиэ 3:2 ахсаанынан кыайбыта. Иккис полуфиналга Майкл Ангелетти (АХШ) уонна Зарип Жумаев (Туркменистан) киирсиэхтэрэ.
Феликс Штамм кэриэһигэр быйылгы турнирга 27 дойдуттан 136 боксер кыттар. Күрэхтэһии кулун тутар 16 күнүгэр түмүктэниэҕэ.