Ахсынньы 19 күнүгэр ыытыллыбыт дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа эпиирин уонна пресс-кэмпириэнсийэтин кэнниттэн Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев санаатын үллэһиннэ, суруйда Саха сирэ саайт.
«Владимир Путины кытта сыл түмүктэрэ» биэриини көрдүм. Бырагыраамаҕа Бэрэсидьиэн урукку сыллардааҕар саамай уһуннук — 4 чаас 27 мүнүүтэ устата нэһилиэнньэттэн киирбит ыйытыыларга хоруйдаата. Судаарыстыба баһылыга сүрүн этиилэрин улууспут олохтоохторугар анаан сахалыы тылбаастаан суруйа олорон, этиилэрин сахалыы тыыннаан быдан чугастык ылынан иһиттим.
Дойдубут Бэрэсидьиэнэ чахчы аан дойду таһымыгар саамай күүстээх, бастыҥ лидер буоларын өссө төгүл көрдөрдө. Хас биирдии киирбит ыйытыыга ис сүрэҕиттэн толору хоруйдары биэрдэ. Быйылгы биэриигэ сүрүн таарыллыбыт хайысханан байыаннай дьайыы тиэмэтэ буолла. Кэпсэтии кэмигэр ордук байыаннай дьайыы хаамыыта, ону кытта кыттыылаахтара элбэхтэ таарылыннылар. Ол курдук, Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар өйүүргэ анаммыт бырагыраамаларга уонна волонтердар үлэлэригэр болҕомтотун уурда. Итини кытта демография хайысхатынан Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн олоҕо тупсаҕай буоларыгар, оҕо төрөөһүнэ үрдүүрүгэр элбэхтик тохтоон ааста. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ судаарыстыба өттүнэн сөптөөх көмө оҥоһуллуохтааҕын бэлиэтээтэ.
Дойдубут баһылыга Владимир Путин модун Арассыыйабыт туһугар сыралаах үлэтин сырдатта. Кини араас хайысхаларынан ылыммыт быһаарыыларын бары өйөөн, түмсүүлээх буоллахпытына эрэ кыайыылаах тахсыахпыт», — диэн эттэ Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев, суруйда дьаһалта пресс-сулууспата.