22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Уус Ньара аэропордун саҥардыахтара

13:03, 17 февраля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгин саҥа аэропордун бырайыага Главгосэкспертиза көрүүтүн ааста.


Бөһүөлэк аэропорда эргэрэн, аныгы ирдэбилгэ эппиэттээбэт. Главгосэкспертиза аэропорт дьиэтин уларыта тутууну итиэннэ сөмөлүөт көтөр-түһэр балаһатын, о.д.а. наадалаах эбийиэктэри тутууну бигэргэттэ.

Саҥа балаһа 1670 миэтэрэ уһуннаах буолуо, «Д» кылаастаах аэродромҥа Bombardier Q300 типтээх сөмөлүөттэр харгыһа суох көтүөхтэрин сөп буолуо. Айаҥҥа харгыһы таһаарбат туһуттан уларыта тутуу үс түһүмэҕинэн барыа.

«Бастаан икки миэстэлээх перрону, саҥа урууллуур суолу, көтөр балаһа сорҕотун тутуу былааннанар. Итини таһынан комплекс сорох тутуулара саҕаланыахтара», — диэн суруйар Главгосэкспертиза пресс-сулууспата.

Аэропорду магистральнай инфраструктураны 2024 сылга диэри бөҕөргөтүү, кэҥэтии биир кэлим былаанын чэрчитинэн «Региональнай аэропортары, маршруттары сайыннарыы» федеральнай бырайыагынан саҥардаллар.

Тутууну «Аэропорты Севера» тэрилтэ ыытыа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА