Уус-Майа оройуонугар быыбар бастакы күнүгэр, барыллаан дааннайынан 937 киһи куоластаата. Быыбардааччы уопсай ахсаана — 5863. Эрдэлээн куоластааһыҥҥа 178 киһи кыттыбыт. Улууска барыта 15 быыбардыыр учаастак үлэлиир, суруйда https://www.instagram.com/um_vestnik/
Уус-Майа улууһугар Судаарыстыбаннай дуумаҕа депутаттары талыыга быыбар иккис күнэ. Быыбардыыр учаастактарга хайаан да киһи температуратын кээмэйдииллэр, мааска, бэрчээки уонна биирдэ туттуллар уруучука биэрэллэр.
Учаастактарга баартыйалартан кэтээн көрөөччүлэр үлэлииллэр, видеокамералар холбоммуттар. Маны сэргэ быыбардааччыга куттал суоһаабатын бэрээдэги көрөр уоргаттар хааччыйаллар.
«Быыбарга кыттыы наадалаах. Мантан биһиги уонна оҕолорбут инники олохторо быһаарыллар», — диэтэ Уус-Майа бөһүөлэгин олохтооҕо Наталья Львова.
Быыбардааччы Алексей этэринэн, куоластааһын бу бэйэ санаатын этээһин буолар. «Олоххун тупсарыыга бэйэҥ этиигин тириэрдии«, — диэтэ кини.