23 Сэтинньи 23.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Уус-Алдаҥҥа оттооһун тэтимин ылан эрэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйыл дьылбыт эрдэлии быһыытыйда. От эрдэ ситэн, сорохтор бэс ыйын бүтүүтэ ходуһаҕа киирбиттэрэ. Ол эрээри, дьон үксэ Бөтүрүөп таҥара кэнниттэн окко туруннулар. Онно ханна да тиий – ходуһаларга хотуурдар “ыллаа­тылар”.

Ардахтаах сайын буолла дэһэбит эрээри, ол ардахпыт улууһу барытын хабан буолбакка, тэһитэ түһэр. Инньэ гынан отчуттарга улахан харгыһы оҥорбот. Онтон күнү-дьылы кэтээн көрөр сулуус­па иһитиннэрэринэн, от ыйын бү­тэһик декадата кураан. Ол аата оттуурга саамай кэмэ. Ити эрээри, быйыл аһыҥа күүскэ турда дииллэр. Былырыын курааннаан туох да үүммэтэх буоллаҕына, быйыл аһыҥа тэҥҥэ “оттоһор” буолла. Дьонтон ыйыталаһан көрдөххө, сорох сиргэ былырыыҥҥытааҕар хойуу дэһэллэр. Ол иһин быйылгы быстах ардахтарбыт аһыҥаҕа та­быгастаах буолан биэрдилэр дуу? Аһыҥаны уһун ардахха өлөр диэч­чилэр, онтон быстах ардаҕы “аһыҥа утаҕа” диэн ааттыыллара оруннаах курдук буолла.

Былырыын 32,805 тн оттуур бы­лаан тиэрдиллибитин миэстэтигэр аҥаарыттан кыраны оттоо­буппут. Инньэ гынан кэлии отунан кыстаатыбыт. Ол оппутун ыам ыйын ортотугар диэри тастыбыт. Быйыл бырабыыталыстыба өрөспүүбүлүкэ таһыттан от атыылаһыытын үбүлээбэппит диэтэ. Онон олус ырааппакка, таска тахсар да буоллахха, чугас улуустарга оттуохха наада. Дьиҥэр, төһө кыалларынан миэстэттэн оту булар ордук этэ. Быйыл от үүнүүтэ эриэн диэххэ сөп. Алаас сирдээхтэр этиллибитин курдук аһыҥаны кытта “былдьасыһан” оттууллар.

Быйыл оттуур былаан 30,000 тн. Күн бүгүн улуус ходуһаларыгар 554 тиэхиньикэ үлэлии сылдьар. Уопсайа 511 толору механизированнай, 282 механизированнай аҥаардаах, 1 көлө-илии, 1 илии звенолара күөх быйаҥы сомсоллор. Ходуһаларга 1041 киһи үлэ­лии-хамсыы сылдьар. Охсуу иэнэ 3256 га, 1184 тн от кэбиһилиннэ.

Нэһилиэктэргэ от үлэтин хаамыытын туһунан иһитиннэрии тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар нэдиэлэҕэ иккитэ бэриллэр. Онон сыыппара күн аайы кэриэтэ уларыйар. Онон хаһыакка тахсар таблица чопчу ылыллыбыт күнүнээҕи туругунан бэчээттэниэ.

Быйыл Өлүөнэ өрүскэ уу сото­ру-сотору кэллэ. Онон Суотту нэ­һилиэгин арыыга баар ходуһаларыгар кумах “олорон” оттоммот туруктаннылар. Оттон Алдан өрүс кытылыгар олорор Түүлээх нэһилиэгэр былырыыҥҥы ба­һаар­дартан сылтаан ходуһаларыгар киирэр суоллар билигин да уулаах буоланнар, онно уустуктары көрсөллөр. Ол эрээри тыа сирин хоһуун үлэһит дьоно онтон иҥнэн турбакка, күөх быйаҥтан сомсор соруктарын мүччү тутар санаалара суох. Алаас сирдээхтэр ходуһалара бы­йыл да курааннаата дэһэллэр. Төрүөтэ аһыҥа наһаа “ыспыт”. Онон мобильнай биригээдэ тэри­нэн көһөн оттооһун боппуруо­һа эмиэ туруох курдук. Эрдэ су­руй­бутум курдук билигин аны биирдиилээн хаһаайыстыбалар (ыаллар) даҕаны итинник көһөр буоллахтарына көмө оҥоһул­луон сөп. Онно ирдэбилэ диэн реестргэ киирбит буолуохтаахтар. Сүөһү төбөтүгэр харчы ылбыттар ити реестргэ киирэн тураллар.

Оч­чотугар улахан сүпсүгүрүүтэ суох көһөн оттуохха сөп. Бу туһунан тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан ыйыталаспыппар: ”Сайаапка хомуйабыт. Ол эрээри, билигин бэйэлэрин ходуһала­рын аһыҥаттан “өрүһүйэн” тилийэ оттуур соруктаахтар. Ити кэнниттэн ким ханна барарын быһаарыныа, төһө окко наадыйа­ра биллиэ”, – диэн быһаардылар.

Этиллибитин курдук, оттооһун тэтимин дьэ ылан эрэр. Ол иһин отчуоту биэрии да араас, сыыппара халбаҥныы турар. Холобур, Бээрийэ нэһилиэгин отчуттара ыраах үрэхтэргэ тахсыбыттар. Онон ити диэкиттэн сыыппара көрдөрүүтэ суох. Бу нэһилиэк сирэ-уота быйаҥнаах диэххэ сөп. Сыл аайы оттуур былааннарын толороллор. Кураан күннэри баттаһа ыраах сирдэрин бүтэрдэллэр эрэ балачча улахан көрдөрүүнү биэрэллэрэ буолуо.

Билигин оттооһун былаана барыллаан сыыппаранан ылыллан турар. Ол курдук тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар – 1790 тн, бааһынай хаһаайыстыбалара – 6121 тн, биирдиилээн ыаллар (кэтэх хаһаайыстыбалар) 9405,5 тн оттуохтаахтар. Онон билигин барыллаан (сорох нэһилиэктэр сыыппараларын түһэрэ иликтэр) былаан 17,316,5 тн буолла.

Бэс ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, ынах сүөһү ахсаана 16860, сылгы 15258 буолан турар. Маныаха кыстыгы туоратарга ортотунан 30,000 тн от наада. Бүгүҥҥү сыал-сорук – ону улуус иһиттэн булуу.

Афанасий Сектяев

Мүрү саһарҕата

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар