Бэҕэһээ улууска Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, олоҥхоһут Дмитрий Михайлович Говоров – Олоҥхоһут Миитэрэй төрөөбүтэ 175 сылыгар аналлаах Олоҥхо уонна хомус декадатын үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
“Олоҥхо дьиэтэ” этнокультурнай кииҥҥэ олоҥхону таптааччылары “Олоҥхо биһигэ – Уус Алдан” быыстапка 104 олоҥхоһуттаах улууспут туһунан кэпсии көрүстэ. Күннээҕи кэпсэтии тылынан саҥара-иҥэрэ сылдьар дьоҥҥо Афанасий Бурцев – Бөскөй Бөҕө «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхоттон толорон иһитиннэрбитэ хайдахтаах модун, баай-талыы төрөөбүт тылбыт үрүйэ уутунуу үрүлүйэн киирэн эти-хааны сылаанньытта.
Эҕэрдэ тылы Олоҥхо улуустааҕы ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Анатолий Сторожев эттэ уонна ассоциация сүбэтин быһаарыытынан “Олоҥхоҕо бастыҥ уһуйааччы” анал бириэмийэни Уһун Күөллээҕи «Чуораанчык» оҕо тэрилтэтин иитээччитэ Сахаяна Ивановаҕа, “Олоҥхону бастыҥ тарҕатааччы” бириэмийэни олоҥхоһут Афанасий Бурцевка туттарда. Салгыы Уус Күөлүн сынньалаҥ киинин фольклорга исписэлииһэ Милена Рязанская хомуска оонньоон дьүрүһүтэн көрөөччүлэр сэҥээриилэрин ылыан ылла. Ол кэннэ хомуска күргүөмүнэн оонньуу таҕыста.
Салгыы култуура улуустааҕы салалтатын начаалынньыгын солбуйааччыта Саина Стручкова эҕэрдэ тылы этэн туран, «СӨ норуот уус-уран айымньытын сайыннарыыга кылаатын иһин» бочуоттаах бэлиэни Баатаҕайдааҕы «Күнчээн» оҕо тэрилтэтин иитээччитэ Светлана Готовцеваҕа уонна СӨ Олоҥхо кииниттэн «Үүнэр көлүөнэҕэ эпическэй нэһилиэстибэни харыстыырга, тиэрдиигэ кэмнэммэт кылаатын иһин» бочуоттаах грамотаны СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Сивцеваҕа туттарда.
Онтон Дмитрий Михайлович Говоров “Эҥсилгэннээх сырыылаах, илбистээх итир былыттаах, эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр Эрбэхтэй Бэргэн” уонна Мария Захаровна Сивцева “Ахсым үйэлэри уҥуордаан” кинигэлэрин сүрэхтээтилэр. Дмитрий Говоров олоҥхотуттан Бэйдиҥэ орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Мичийэ Андросова (сал. З.И. Шепелева) толорон кэрэхсэннэ.
Уус Алдаҥҥа Олоҥхо уонна хомус декадата бу күнтэн ахсынньы 1-гы күнүгэр диэри ыытыллыаҕа.
Мария Аргунова, Мүрү Саһарҕата