Чэйдиир үтүө үгэһи харыстыыр, дьоҥҥо тарҕатар «Саха чэйэ» кулууптан Туйаара Григорьева урууга, үбүлүөйгэ мустар дьону кучу чэйинэн күндүлүүр.
«Саха дьоно-сэргэтэ олус чэйимсэх. Онон чэй иһии култууратын тарҕатыы чэрчитинэн итиэннэ чөл олоххо ыҥырар сыаллаах-соруктаах урууларга, үбүлүөйдэргэ үлэлэһэбит. Дьоро күн «буруйдаахтарын» уонна ыалдьыттары сампаан оннугар кучу чэйинэн күндүлээн көрсөбүт. Тэрээһин кэмигэр сэҥээрбиттэргэ төрөөбүт дойдубут үүнээйитинэн чэйи хайдах бэлэмниири көрдөрөбүт, сүбэ-ама биэрэбит», — диэтэ Туйаара Степановна.