23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Уопсастыбаннай тэрилтэлэри сомоҕолуур тэрилтэ баар буолуохтаах

15:15, 18 октября 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Салалта өттүттэн ыччат бэлиитикэтигэр улахан болҕомто ууруллан, кэлиҥҥи сылларга киэҥ далааһыннаах үлэ ыытылынна. Аны 2017 сыл Ыччат сылынан биллэриллэн, инники кэскилбит туһугар үлэлии сылдьар дьон Саха информационнай агентствоҕа бэйэлэрин санааларын үллэстибиттэрин салгыы таһаарабыт.


Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын дьокутаата Александр Сусоев:
Ыччат Сылыгар аҥардастыы улахан далааһыннаах култуурунай-маассабай дьаһаллары эрэ тэрийии буолуо суохтаах. Бу сыл ыччат судаарыстыба уонна гражданскай уопсастыба сайдарыгар көхтөөх кыттыыны ыларыгар олук буолуохтаах. «Ыччат судаарыстыбаннай бэлиитикэтэ» диэн сокуон уонна да атын нуорма-быраап акталарын пууннара олоххо киирэллэрин ситиһиэххэ наада.
Эдэр исписэлиистэри үлэҕэ ылар туһунан анал сокуону ылыныллыахтаах. Дьиҥинэн, ыччат уопсастыбаннай түмсүүлэрин сомоҕолуур биир тэрилтэ баар буолуохтаах. Биһиги түмсүүлээх буолуохтаахпыт.
Чуолаан, тыа сиригэр, ыччаты кытта үлэлиир анал тэрилтэлэр бааллара ирдэнэр. Бу харгыһы ыччат сылыгар быһаарыахха баар этэ. Ыччат урбаан эйгэтигэр хайысхатын күүһүрдүллүөхтээх. Бу манна субсидия көрүллэрин ситиһиллиэхтээх. «Ыччат бэлиитикэтэ» уонна «ыччаты кытта үлэ» диэн пууннары кэлэктиип дуогабардарыгар ылары туруорсуохтаахпыт. Билигин араас этиилэр, оруннаах бырайыактар киирэ тураллар. Ил Дархан Егор Борисовка, түгэнинэн туһанан, ыччакка болҕомтотун иһин, махталбытын тиэрдэбит.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА