2%-наах «Уһук Илиннээҕи ипотека» бырагыраамаҕа кыттар кирэдьииттиир тэрилтэ ахсаана эбиллэр. 14 баан буолла.
2%-наах ипотеканы билигин биэрэллэр: Сбербаан, ВТБ, Азиатско-Тихоокеанскай баан, ДОМ.РФ, Дальневосточный баан.
Олунньу бүтүөр диэри бырагыраамаҕа өссө киириэхтэрэ: «ФК Открытие» баан, КБ «Восточный», «Долинск» баан, Газпромбаан, Росбаан, Россельхозбаан, Промсвязьбаан, Совкомбаан уонна Алмазэргиэнбаан.
«Элбэх баан бырагыраамаҕа кыттара сайыамсык таларыгар кыаҕы үөскэтэр. Хас биирдии региоҥҥа кырата үс баан бу бырагырааманан үлэлиэҕэ. Бөдөҥ, биллэр бааннар бааллар», — диэтэ Уһук Илиҥҥэ киһи хапытаалын сайыннарыыга Агентство генеральнай дириэктэрэ Сергей Ховрат.
Бааннар испииһэктэрэ «ДОМ.РФ» АУо саайтыгар бэчээттэннэ.
Бу төлөпүөнүнэн 8 (800) 301-54-45 билсиэххитин сөп. Босхо.